Дойду президенэ Владимир Путин Чайыҥдатааҕы гаас баайдаах сир туһаҕа тахсан, регионнар сайдыыларыгар улахан кылааты киллэриэҕин туһунан Амур уобалаһыгар гааһы таҥастыыр собуот тутуутун кытары билсэ сылдьан бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, бу собуокка “Сибиир күүһэ” бырайыагынан Иркутскайтан (Ковыктатааҕы гаас баайдаах сиртэн) уонна Саха сириттэн (Чайыҥдатааҕы гаас баайдаах сиртэн) гаас түмүллэн, ыгыллыбыт гаас, гелий, этан курдук бородуукталар оҥоһуллан тахсыахтаахтар.
Владимир Владимирович кэлиҥҥи 50-ча сыл иһигэр бу маннык улахан бырайыактар олоххо киирэ иликтэрин, Сэбиэскэй Сойуус саҕана Оренбурга эрэ маннык хабааннаах собуот тутуллан, гааһы салгыы туһаҕа таһаарыы барбытын бэлиэтээн туран, собуот Уһук Илиҥҥи регионнар сайдыыларыгар төһүү күүс буолуоҕун эттэ.
— Бу собуот тутуутугар 25 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиэҕэ. Онтон олоххо киирдэҕинэ, 2,5-3 тыһыынча киһи үлэһиттэниэҕэ. Собуот Россияҕа суолтата улахан. Аҥаардас гаас промышленноһын эрэ сайыннарар буолбакка, регионнары сайыннарыаҕа. Бу бырайыак нөҥүө Саха сирин, Амур уобалаһын гаастааһын салҕаныаҕа, — диэн иһитиннэрэр Владимир Путин.
Ыспыраапка: Амурдааҕы гаас собуота 2015 сылтан тутулла сылдьар. Собуот Свободный диэн куораттан 15 км ыраах Зея өрүс биэрэгэр тутуллар. Тутуу барыта алта технологическэй түһүмэҕинэн киириэхтээх. Бастакы уочарата (икки технологическэй утах) 2021 с. былааннанан турар. “Сибиир күүһэ” бырайыагынан Кытайга тахсыахтаах гаас бу манна кэлэн араас эттиккэ араарыллыахтаах (ол иһигэр гелий оҥоһуллуохтаах). Тутуу толору күүһүнэн үлэлээтэҕинэ 42 млрд куб гааһы оҥорон таһаарыахтаах. “Газпром” хампаанньа лидерэ Алексей Миллер бэлиэтииринэн, бу собуот Россияҕа саамай улахан бырайыагынан, аан дойдуга иккис улахан гаас собуотунан буолуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, “Сибиир күүһэ” гаас ситимэ 2019 с. тутуллан бүтүөхтээх.
Аграфена КУЗЬМИНА, https://edersaas.ru