“Саха сирин амтана” гастрономия бэстибээлэ саҕаланна!

Ааптар: 
30.11.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн “Кыһын саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар “Саха сирин амтана” диэн гастрономия куонкуруһун дьүүллүүр сүбэтэ бэйэтин үлэтэ саҕалаата.  edersaas.ru

Бу тэрээһин дьүүллүүр бөлөҕөр быйыл шеф-пуобардар Аан дойдутааҕы ассоциацияларын (WACS) бэрэстэбиитэллэрэ эксперт быһыытынан кыталлар. Ол курдук, Саха сирин киин куоратын эрэстэрээннэрин олохтоох астан оҥорор бүлүүдэлэрин “Үрдүк сололоох Екатерина Вторая банкетнай сулууспата” хампаанньа бренд-шеф дуоһунастаах  Арассыыйа щеф-пуобардарын Национальнай гильдияларын чилиэнэ Николай Сарычев, Японияттан  Сибуити Косаки, 

Татарстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн хааччыйыы хаачыстыбатын үрдэтии департаменын уонна туризм сайдыытын киинин салайааччыта Вероника Скурихина, онтон да атын уонча Арассыыйа араас куораттарыттан кытта кэлбит шеф-пуобардар амсайаллар уонна сыаналыыллар.

“Каре” эрэстэрээҥҥэ “Саха сиин амтана” бэстибээл аһыллыытыгар “Дьокуускай куорат” МТ баһылыга Айсен Николаев суруналыыстарга биэрбит интервьютугар бу курдук бэлиэтээтэ:

Биһиги кыһыммытынан киэн туттуохтаахпыт. Ол да иһин “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл кэлиҥҥи сылларга киэҥник аатырар буолла. Бу бырааһынньык чэрчитинэн киин куорат эрэстэрээһиннэрин икки ардыгар “Саха сирин амтана” диэн күөн-күрэс  ыытыллар. Хоту дойдуга олорор дьон аспыт кыһыны кытта ыкса сибээстээх. Быйыл төрдүс төгүлүн ас амтананын туһунан куонкуруһу ыытан,  бу тэрээһин дойду үрдүнэн киэҥник сураҕырар буолла. Былырыын Арассыыйатааҕы таһымнаах улахан куонкуруска Гран-прини ылан турабыт. Быйыл да “Саха сирин амтана” гастрономия бэстибээлин таһыма өссө үрдээтэ. Ол курдук, былырыын 9 эрэстэрээн кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 11 куорат ааттаах-суоллаах тэрилтэтэ кыттар.

Урукку сылларга дьүүллүүр сүбэ ас эрэ амтанын сыаналыыр эбит буоллаҕына, быйыл эрэстэрээн ис-тас оҥоһуутун эмиэ учуоттуур. Туох кистэлэ кэлиэй, урукку сылларга дойду шеф-пуобардара убаһа этин истэ-истэлэр, сэрэхэчийэр курдук туттар буоллахтарына, билигин убаһабыт этин, тоҥ балыкпытын анаан боруобалыы кэлэр буоллулар. Дьиҥэр биһиги сылгыбыт ахсаана, балыкпыт аҕыйах.

Ол ону переработкалаан туристарга амсатан, тыа сирин олохтоохторо оҥорон таһаарар бородууксуйаларын элбэтиилэригэр төһүү өйөбүлүнэн буолуо этэ. Онон бу тэрээһини көннөрү күөн күрэс курдук буолбакка, манна биһиги өрөспүүбүлүкэбит, куораппыт, хотугу омуктар барыбыт имиджин быһыытынан ылынабыт.

Дьүүллүүр сүбэ икки күн устата биэстии эрэстэрээни кэрийэн, астарын амсайан “Саха сирин амтана” куонкурус кыайыылааҕын быһаарар туһугар үлэлиэҕэ. Оттон баҕалаах дьон бу эрэстэрээннэргэ сылдьан, 1 тыһ. солк. киирии билиэти төлөөн, куонкурус кыттыылаахтарын астарын амсайыахтарын сөп. “Саха сирин амтана” гастрономия бэстибээлин кыайыылааҕын аата ахсынньы 3 күнүгэр “Триумф” спортивнай комплекска ыытыллар  “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл кэмигэр дорҕоонноохтук ааттаныаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0