“Саха сирин” аах” акция: “MEIZU” смартфону элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сүүйдэ  

04.07.2017
Бөлөххө киир:

Биһиги “Саха сирин” аах” акциябыт түмүктэннэ. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан олус элбэх киһи кытынна. Кыайыылааҕынан Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгиттэн 3 саастаах Стасик Макаров буолла.


Марфа Макарова, учуутал, Стасик ийэтэ:

  • -Субу истэн, олус үөрэн олоробут. Биһиэхэ соһуччу буолла, итэҕэйбэт да курдукпут. Кыайыахпыт дии санаабатахпыт. Биэс оҕолоохпут, Стасик – саамай кырабыт, баар-суох соҕотох уолбут. Стасиктаах эдьиийдэрэ — улахан кыыспыт, 7-с кылааска үөрэнэр Аида бу акция туһунан билбитэ. Үчүгэй төлөпүөнэ суох буолан, бэйэтэ көҕүлээн, дьиэ кэргэниттэн түөрт киһини хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыта. “Элбэх киһи кытыннаҕына, кыайыы чугаһыыр” диэн бириинсиби тутуспута. Онон, наһаа баҕаран, ыра санаа оҥостон кыттыбыт этэ. Мин улаханнык итэҕэйбэтэҕим эрээри, оҕобун өйөөн, дьээбэҕэ хаһы да ыытан кэбиспиппит.

Акция бүтэр болдьоҕун — бэс ыйын 19 күнүн наһаа күүппүттэрэ. Сибээспит мөлтөх буолан, интэриниэттээх сиргэ анаан баран кэтэспиттэрэ. Болдьоҕо уһаабытын билбэккэ хаалбыппыт, хоттордохпут диэн хомойбуттара. Билигин саҥа истэн үөрүү бөҕө. Урут туохха да, хаһан да кыттыбат, сүүйбэт этибит. Наһаа үчүгэй акция, дьону нэһилиэккэ сэргэхситтэ аҕай. Кыттыбыт дьон биһигини эҕэрдэлииллэр. Инникитин өссө да интэриэһинэй акциялары ыыта туруҥ, кыттыахпыт (күлэр). “Саха сирэ” хаһыаты, урут төлөбүрдээх да эрдэҕинэ, куруук суруйтарарбыт. Тэрийээччилэргэ барҕа махтал!

Ангелина ВАСИЛЬЕВА кэпсэттэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0