Саха сирин 4 боксера Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кыттар путевканы ылла
Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускайга Александр Федотов кэриэһигэр буоксаҕа бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии буолла.
Манна Саха сирин түөрт боксера бастаата: 49 киилэҕэ — Николай Усов, 52 киилэҕэ — Николай Григорьев, 60 киилэҕэ — Игнат Сивцев уонна 64 киилэҕэ — Сергей Семенов. Бу күрэхтэһии А кылаастаах буолан, бастаабыттар Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кыттар быраабы ыллылар.
Турнирга дойду сүүрбэ эрэгийиэниттэн боксердар кытыннылар. Буоксаҕа Арассыыйа федерацията өйөөн, путевка оонньонон, күрэхтэһии улахан таһымнаахтык ааста.
Күрэхтэһии түмүгэ:
49 киилэҕэ: 1. Николай Усов (Саха сирэ), 2. Рашид Гасанов (Тульскай уобалас).
52 киилэҕэ: 1. Николай Григорьев (Саха сирэ), 2. Ярослав Алексеев (Саха сирэ), 3. Борис Сидоров (Москва), Валентин Платонов (Саха сирэ).
56 киилэҕэ: 1. Тамир Галанов (Бурятия), 2. Абдулла Гасанов (Ростовскай уобалас), 3. Айаал Степанов (Саха сирэ), Ян Алексеев (Саха сирэ).
60 киилэҕэ: 1. Игнат Сивцев (Саха сирэ), 2. Виталий Стручков (Саха сирэ), 3. Айаан Филиппов (Саха сирэ), Михаил Парников (Саха сирэ).
64 киилэҕэ: 1. Сергей Семенов (Саха сирэ), 2. Саид Максимов (Саха сирэ), 3. Шаравхан Керимов (Новосибирск), Карл Данилов (Саха сирэ).
69 киилэҕэ: 1. Денис Шевчук (Иркутск), 2. Георгий Шутов (Краснодар), 3. Никита Малгин (Саха сирэ).
75 киилэҕэ: 1. Егор Шапочанскай (Иркутск), 2. Максим Вошков (Приморскай кыраай), 3. Рачи Хчоян (Самара).
81 киилэҕэ: 1. Максим Рейтер (Москва), 2. Василий Каверин (Иркутск).
91 киилэҕэ: 1. Лери Амиров (Челябинск), 2. Савелий Гладышев (ХМАО).
91 киилэттэн: 1. Роман Баширов (Приморскай кыраай), 2. Сергей Кузютин (Новосибирск).
Сандал Никаноров хаартыската.