«LOOK at VLADIVOSTOK» // «ПОСМОТРИ на ВЛАДИВОСТОК» диэн Уһук Илиннээҕи хаартыска куонкуруһа номнуо сэттис төгүлүн ыытыллар. Куонкуруска Саха сирин фотографтара эмиэ кытталлар.
edersaas.ru
Куонкуруска хаартыскалары хомуйуу кулун тутар 31 күнүнэн түмүктэммитэ. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх үлэ киирбитин туһунан тэрийээччилэр edersaas.ru саайтка иһитиннэрдилэр. Ол курдук, уопсайа 2674 хаартыска киирбит. Кыайыылаахтары биэс номинациянан быһаарыахтара (“Город”, “Вкус жизни”, “Повседневность”, “Портрет”, Дальний Восток”). Күрэххэ биллэр-көстөр фотографтары сэргэ, саҥа саҕалааччылар эмиэ бааллар.
Үгэс быһыытынан, «Приз зрительских симпатий» номинацияны куоластааһын быһыытынан талыахтара. Онон lookatvladivostok.ru саайтка киирэн биир дойдулаахтарбыт үлэлэригэр куоластыахха. Кыайыылааҕы ыам ыйын 1 күнүгэр быһаарыахтара.
Биһ. корр., edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1