Саха сирин 1400 олохтооҕо бэйэ дьыалатын тэрийдэ

Бөлөххө киир:

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова  дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарыыга Андрей Тарасенко бэрэссэдээтэллээх көһө сылдьар мунньах кэмигэр  2022 сылга социальнай хантараакка 616 мөлүйүөнтэн тахса үп бэриллэрин туһунан иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Бу – былырыыҥҥытааҕар 100 мөлүйүөн кэриҥинэн элбэх үп. Үбү бэйэ дьыалатын арыйарга, үлэ көрдөнөргө, тус хаһаайыстыбаны тэринэргэ туттуохха сөп.

Былырыын Саха сиригэр 5 044 социальнай хантараак түһэрсиллибититтэн 1419 – тус хаһаайыстыбаны тэрийиигэ  уонна биирдиилээн урбаан үлэтигэр этэ.

Көһө сылдьар мунньах кэмигэр бэйэлэрин уопуттарынан Хаҥалас улууһун олохтоохторо үллэһиннилэр.

Кинилэртэн биирдэстэрэ, Ой нэһилиэгин олохтооҕо  Антонина Гермогенова социальнай  хантараак көмөтүнэн иис дьыалатын саҕалаан,  атын улуустартан сакаастары ылан барбыт.

“Социальнай хантараак тэриллэри атыылаһарбар көмөлөстө. Мин билигин эргиэн электроннай былаһааккаларыгар Арассыыйа ырыынагар тахсар былааннаахпын. Ону таһынан иистэнэр тэриллэри уларсыахпын, маастар-кылаастары ыытыахпын, ол иһигэр оҕолорго баҕарабын”, — диэн Антонина Гермогенова инники былааннарын үллэһиннэ.

Сиинэ сэлиэнньэтин олохтооҕо Айсен Гоголев туристическай бырайыагын олоххо киллэрээри  уонна Сиинэ өрүс таһыгар туристическай базаны тутаары,  социальнай хантараакка 2018 сылга дуогабардаспыта.

“Биһиги базабытыгар бэйэбит күүспүтүнэн кемпинг, аһыыр зонаны, баанньыгы, волейболлуур былаһаакканы оҥорбуппут. Биир сыл курдугунан дьон биһигини билэн, өрөспүүбүлүкүттэн туристар кэлбиттэрэ, пандемия иннинэ атын дойдулартан эмиэ ыалдьыттаабыттара”, — диэн урбаанньыт кэпсиир.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев урут социальнай хантараакка  судаарыстыбаннай социальнай көмө  кээмэйин улаатыннарарга сорудахтаабыта.  Билигин урбаан дьыалатын тэрийэргэ– 300 тыһыынча, тус хаһаайыстыбаны тэрийэргэ 250 тыһыынча үп көрүллэр.

Биллэрин курдук, дьиэ кэргэн  эбэтэр соҕотоҕун олорор киһи дохуота Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олорор кээмэйи аһарбат буоллаҕына, социальнай хантараак бэриллиэн сөп.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0