Уон биир эдэр табаһыт биирдии мөлүйүөн солкуобайга тигистэ

Бөлөххө киир:

2020 сылга тэриллибит «Эдэр табаһыт» бырагыраама куонкуруһа түмүктэннэ. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, куонкуруска уопсайа 17 киһи сайаапка киллэриллибит.

edersaas.ru

Түмүккэ Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Эдьигээн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустарыттан уон биир эдэр табаһыт киллэриллибит. Кинилэргэ биирдии мөлүйүөн солкуобай балаҕан ыйын бүтүүтэ түһүөхтээх. Эдэр табаһыттары кытта СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биэс сыл таба иитиитинэн дьарыктаналларыгар сөбүлэҥ түһэрсэр. Оттон бу төлөбүр эдэр табаһыттар дьиэ тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар көмө буолуохтаах.

Манна  отут биэстэригэр диэри саастаах, Саха сирин Арктика уон үс улууһугар олорор, түөрт сылтан итэҕэһэ суох таба иитиитинэн дьарыктаммыт дьон киирдилэр. Маннык көмө-төлөбүрү табаһыт олоҕор биирдэ эрэ ылар бырааптаах.

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0