Ырыа куттаах Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ ыам ыйын 21 күнүгэр, кырдьык да, өрө көтөҕүллэн үөрүүтэ үрдээн, өрөспүүбүлүкэҕэ Ырыа күнэ судаарыстыбаннай суолталанан ыйаах тахсыбытын уруйдуу көрүстэ, үөрүүтэ үрдээтэ. Өр сылларга күүппүт, кэтэспит Ырыабыт күнүн ыйаах таһааран бигэргэппит ытыктабыллаах Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевка бар дьоммут аатыттан барҕа махталбытын этэбит, тиэрдэбит!
Бу күҥҥэ хайдах, тугу гынан, кимниин бииргэ хаамсан, үлэлээн, түмсэн-түбүгүрэн тиийэн кэллибит. Бүгүн баар, суох үтүө дьоммун ахтан-санаан, махтанан ааһыахпын баҕардым…
2010 с. дойдубар Кэбээйигэ-Куокуйга, Луҥха эбэм кытылыгар “Сибэкки биһикки” Духуобунас скверин туттаран оҥорон бүтэрбиппит. Ону оҥорорго, элбэх тэрээһиннэр, сүбэлэр-түмсүүлэр, үгүс аахсыйалар буолбуттара.
Ырыаҕа Духуобунас скверэ баар буоллаҕына, Ырыа күнэ эмиэ баар буолуохтаах диэн өйгө-санааҕа иитиллэн, табаарыспар Милан Афанасьевка тиийэн кэпсээн-этэн, “Саха сирэ” хаһыакка “Саха ырыатын күнэ баар буоллун” диэн кыра ыстатыйа таһааттарбытым. Онтон саҕаламмыта, “Ырыа күнэ“ бырайыак хамсааһына. Аан бастаан тумус-сүбэ туттар дьонум Ксенофонт Уткин, Анатолий Гольдман, Афанасий Иванов-Тоҕой, Христофор Горохов, Ульяна Винокурова буолбуттара, өйөөбүттэрэ.
Аны “СӨ ырыа искусствотын сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ” наада диэн сорук турбута уонна айар бөлөх тэринэн, оҥорон барбыппыт. 2011 с. Андрей Борисов тэрийэн ыыттарбыт “Духовный потенциал народа – в инновационном развитии республики” Духуобунас форумугар иһитиннэрэн, кэпсэтии таһааран, уураахха киллэттэрэн бигэргэммитэ.
2012 с. “Саха ырыата — кэм-кэрдии тэтиминэн” улахан энциклопедия кинигэбит тахсыбыта. Кинигэ сүрэхтэниитэ алтынньыга Опера уонна балет тыйаатырыгар ыытыллыбыта уонна Ырыа күнүн өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийэн ыытарга диэн сорук турбута.
2013 с. саҕаланыыта Ил Түмэҥҥэ Виталий Басыгысовка киирэн кэпсэтэн, быһааран, сис кэмитиэт салайааччыта Елена Голомарева тэрийэр кэмитиэти түмэн, кэпсэтиилэр буолбуттара. Ол түмүгэр, Андрей Борисов култуура миниистирэ тэрээһиҥҥэ туруорааччы буолан, ыам ыйын 21 күнүгэр “ТРИУМФ” успуорт комплексыгар бастакы Ырыа күнэ далааһыннаахтык ыытыллыбыта.
2005 с. тэрийбит ааптарыскай “Дьүһүй” сахалыы ырыа кулуубум, Саха ырыата сайдарыгар, сүрүннээн Ырыа күнүн тэрээһинигэр олоҕуран ырыа ис хоһоонун үрдүк суолтатын бар дьоҥҥо тиэрдэн үлэлээн кэллэ, онно ананан кинигэлэр таҕыстылар:
- “Саха ырыата – кэм-кэрдии тэтиминэн” 2012 с.
- “Ырыа күнэ уһугунна” 2014 с.
- “Ырыа – төлкөбүт ырата” 2015 с.
- “Ырыа күнүн дуораана” 2016 с.
- “Ыллыыр омук – кэскиллээх” 2017 с.
- “Бар дьонуҥ алгыһынан” 2021 с.
- “Элиэнэ эбэкэм, эн ааккар” 2022 с.
“Дьүһүй” сахалыы ырыа кулуубун үлэтин, “Ырыа күнүн” бырайыагын түстэспит, тэрийсибит, бу кинигэлэри эрэдээксийэлээн таҥан таһаарсыбыт, саха ырыатын сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэрсибит киһибит Варвара Калининская буолар.
Ырыа күнэ олоххо киирэригэр санааларын-сүбэлэрин, талааннарын холбоон кыттыспыт, үлэлэспит дьонум кимнээхтэрий?
Ил Түмэн дьокутааттара: Елена Голомарева, Антонина Григорьева, Андрей Кривошапкин, Матвей Евсеев, Михаил Гуляев, Михаил Эверстов, Мария Христофорова.
2014 сылтан Антонина Григорьева сис кэмитиэти салайыаҕыттан күүскэ ылсан үлэлэспитэ, 2017 с. кини салалтынан уопсайа 18 тыһыынча Ырыа күнүн өйөөн, туруорсан илии баттааһына хомуллубута. Бүтэһик сылларга тустаах тэрилтэлэри, бырабыыталыстыбаны кытта үлэлэһэн ыйаахпыт тахсарыгар төһүү күүс буолбута.
Ырыа күнүн тэрийэн ыытыһан кэллилэр: култуура министиэристибэтэ – Андрей Борисов, Владимир Тихонов, Юрий Куприянов, Владислав Левочкин, Николай Макаров, Марина Силина, Евгений Ефимов, Сергей Семенов ДНТ үлэһиттэрэ, куорат култууратын салаата Антонина Корякина, Лариса Андреева, Ньургуйаана Ущницкая, СӨ Ырыа айааччыларын сойуустара Алексей Егоров, Степан Васильев, Михаил Санников (Х. Максимов аат. Фонда), Муусука, фольклор мусуойа (Аиза Решетникова, Мария Корнилова), айар сойуустар, түмсүүлэр…
Хордар, ансаамбыллар салайааччылара: Владимир Жирков, Альбина Пилецкая (ЯПК), Туйаара Пестрякова (Гос.филармония), Раиса Винокурова (Арчы дьиэтин кэлэктииптэрэ), Татьяна Чаранская (Эстрада тыйаатыра), Өксөкүлээх Өлөксөй аат. НДДь, общиналар, Василий Парников (Кэнчээри, Иннокентий Аммосов Уус Алдан култуурата), Светлана Иванова, Илья Николаев (“Туймаада”ансамбыл), Афанасий Моргусов, Розалия Тихонова (ньурбалар), Уйбаан Чагда, Нина Олесова, Айталина Макарова (кэбээйилэр), Карл Христофоров, Афанасий Лопатин, Мария Матаннанова (таатталар), Матрена Сивцева, Ольга Корякина, Ксения Семенова (бүлүүлэр), Люция Чепалова, Наталья Руфова, Татьяна Окорокова (Хатастааҕы “Тускул” киин), Николай Слепцов, Николай Андросов (ХСОШ хора), Лонгина Бережнева, Елена Готовцева, Георгий Попов (Тулагы кэлэктииптэрэ), Лидия Харитонова, Валентина Колесова, Марфа Самсонова – Айыы Уолун ийэтэ (хаҥаластар), Евдокия Павлова “Күн Дьоно” этно-бөлөх, Екатерина Маркова “Дьүрүскэн оһуор” Илин эҥэр, хоту улуустар култууратын эйгэтэ, түмсүүлэрэ, “Айыы Кыһата” гимназия кэлэктиибэ, Лидия Шамаева, Захар Федоров, Олег Липатов уо.д.а.
Ырыа күнүн уруйдаспыт ырыаһыттар, мусукааннар: Захар Степанов, Радомир Борисов, Аиза Решетникова, Чаянда Скрыбыкина, Раиса Крылова, Николай Стручков, Анегина Ильина, Иван Степанов, Александр Самсонов, Альбина Борисова, Прокопий Неустроев, Айталина Адамова, Юрий Баишев, Анна Дьячковская, Александр Емельянов, Николай Попов, Феодосия Шахурдина, Мария Шапошникова, Николай Спиридонов уо.д.а.
Ырыа күнүн уон сылы быһа сырдатыыга ис сүрэхтэриттэн үлэлэстилэр: Владимир Федоров, Валентина Бочонина, Милан Афанасьев, Ким Дьячковскай-Анаарар, Андрей Саввинов, Саргылаана, Сардаана Багынановалар, Галина Новикова, А. Гуринов-Арчылан.
“Саха” НКИК бырагырааматыгар үлэлээбиттэрэ: Харлампий Дьяконов, Иннокентий Слепцов, Ольга Степанова, Альбина Тарабукина, Наталья Сметанина, Лена Керемясова, Георгий Белоусов, Сайа, Талбан, Эдуард Рудых…
Ырыа куттаах сахам дьоно, саха ырыатын дьылҕатыгар тыыннаах сүүрээн буолаҥҥыт тыынна угуҥ, үйэтин уһатыҥ!
Айар үлэҕит тахсыылаах буоллун, сахабыт ырыатын салгыы сайдар аартыгын алҕааҥ, саҥа кэм санааларын самсааҥ, саха эйэлээх олоххо үйэлээх баҕатын барҕартын!
Ырыа күннээх Сахам сирэ
Хр. Горохов
Сэттэ өҥнөөх куһаат кустук
Ырыа буолан кутааланна.
Сахам сирэ онно ордук
Уратытык ойууланна.
***
Хоту муора түллэр кыаҕа
Алмаас буолан ыһылынна.
Үүнэр бурдук буһар уоҕа
Күнү кууһан уһугунна.
***
Олоҥхоттон тэһииннэммит
Аппыт кистээн дьырылатта.
“Ырыа күнэ” бэлэхтэммит
Күнэ-дьыла аанын аста.
(Калининград к. кулун тутар ый 2022 с.)
А. Калининскай-Өлөксөй Луҥха
25.05.2022 сыл.