Саха сиригэр урбаан дьыалатыгар уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга соцхантараак кээмэйэ үрдээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин нэһилиэнньэтэ дьарыктаах уонна дохуоттаах буолуутун өйөөһүҥҥэ 72,8 мөл. солкуобай сууманан кыра дохуоттаах ыалларга уонна соҕотох олорор киһиэхэ социальнай хантараак үбүлээһинэ үрдэтилиннэ.

Урбаан дьыалатыгар социальнай хантараак кээмэйэ 250-тан 300 тыһыынча солк диэри улаатыаҕа, оттон кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга – 200-тэн 250 тыһ. солк. диэри.

Үлэлээбэт, кыра дохуоттаах дьону кытта 1,5 тыһыынча социальнай хантараагы түһэрсиэхтэрэ. “2022 сыл кулун тутар 1 күнүн кэнниттэн үлэтэ суох хаалбыттар үлэлиир нэһилиэнньэ тиийинэн олорор кээмэйин саҕа аадырыстаах көмөнү, социальнай хантараагы түһэрсиэх иннинэ ылыахтара. Бу сыалга 30,6 мөл. солкуобай ыытыллыаҕа уонна маннык көмөнү 3 тыһыынча кыра үптээх кыаммат киһи ылыаҕа”, — диэн быһаарда өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Данилова.

Социальнай хантараагы түһэрсиигэ докумуоннары тутуу e-yakutia судаарыстыба уонна муниципальнай өҥөлөр эбэтэр  олорор сирдэринэн Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлигэр уонна үлэҕэ управлениетын нөҥүө ылыллар.

Источник © Yakutia-Daily.ru Ссылка: https://yakutia-daily.ru/v-yakutii-uvelichen-razmer-soczkontrakta-na-predprinimatelskuyu-deyatelnost-i-razvitie-podsobnogo-hozyajstva/

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах источниктан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0