Саха сиригэр урбаан дьыалатыгар уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга соцхантараак кээмэйэ үрдээтэ
Саха сирин нэһилиэнньэтэ дьарыктаах уонна дохуоттаах буолуутун өйөөһүҥҥэ 72,8 мөл. солкуобай сууманан кыра дохуоттаах ыалларга уонна соҕотох олорор киһиэхэ социальнай хантараак үбүлээһинэ үрдэтилиннэ.
Урбаан дьыалатыгар социальнай хантараак кээмэйэ 250-тан 300 тыһыынча солк диэри улаатыаҕа, оттон кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга – 200-тэн 250 тыһ. солк. диэри.
Үлэлээбэт, кыра дохуоттаах дьону кытта 1,5 тыһыынча социальнай хантараагы түһэрсиэхтэрэ. “2022 сыл кулун тутар 1 күнүн кэнниттэн үлэтэ суох хаалбыттар үлэлиир нэһилиэнньэ тиийинэн олорор кээмэйин саҕа аадырыстаах көмөнү, социальнай хантараагы түһэрсиэх иннинэ ылыахтара. Бу сыалга 30,6 мөл. солкуобай ыытыллыаҕа уонна маннык көмөнү 3 тыһыынча кыра үптээх кыаммат киһи ылыаҕа”, — диэн быһаарда өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Данилова.
Социальнай хантараагы түһэрсиигэ докумуоннары тутуу e-yakutia судаарыстыба уонна муниципальнай өҥөлөр эбэтэр олорор сирдэринэн Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлигэр уонна үлэҕэ управлениетын нөҥүө ылыллар.
Источник © Yakutia-Daily.ru Ссылка: https://yakutia-daily.ru/v-yakutii-uvelichen-razmer-soczkontrakta-na-predprinimatelskuyu-deyatelnost-i-razvitie-podsobnogo-hozyajstva/
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: тустаах источниктан