Өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна киин энерго-оройуоннара Арассыыйа уоту биэрэр биир кэлим тиһилигэр киирэннэр, уот күүрүүтэ аны тиһигин быспакка кэлиэҕэ. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 220 кВ кыамталаах саҥа подстанцияны көрө сылдьан иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Тохсунньу 1 күнүттэн «Нерюнгритааҕы ГРЭС – Аллараа Кураанах – Томмот – Майа» 220 кВ күүрүүлээх энерготранзит өрөспүүбүлүкэҕэ үлэҕэ киирэн, олохтоох энергетика үлэтэ биллэ тупсуоҕа.
«Дьокуускайга ГРЭС-1, ГРЭС-2 ыксаллаах быһыы-майгы үөскээн, куорат уонна чугастааҕы улуустар эмискэ ыас хараҥа им-балайга умсубуттарын бары өйдүүбүт. Билигин саҥа энерготранзит холбонон, итинник кыһалҕа аны хатыланыа суоҕа. 100 мВт саппаас баар буолан, уотунан хааччыйыы ханна эрэ быстар да түгэнигэр, тута чөлүгэр түһэр кыахтаныаҕа», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Онон инникитин нэһилиэнньэ 80% уот барар диэни билиэ суоҕа. Бу биллэн турар, дьон олоҕун усулуобуйатын тупсарарга, урбааны сайыннарарга дьоһун хардыы.
Уһук Илин Биир кэлим энергетическэй ситим генеральнай дириэктэрэ Андрей Епифанов этэринэн, саахал тахсар уонна өрөмүөн барар кэмигэр уот күүрүүтэ икки төгүл үрдүөҕэ, онон энерго-оройуон уокка наадыйыыта толору хааччыллыаҕа.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru