Саха сиригэр Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэнэн 5 тыһыынчаттан тахса дуогабардары түһэристилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ипэтиэкэни ылыыга Саха сирэ хаһыс миэстэний? Манна ааҕыҥ. 

Саха сирин олохтоохторо “Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ” чэпчэтиилээх бырагырааманан 23 млрд кэриҥэ солкуобай суумаҕа 5 тыһыынчаттан тахса кирэдьиити ыллылар диэн СИА Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията (КРДВ) чахчытыгар олоҕуран иһитиннэрэр.

Бу тэрилтэ чахчытынан, бэриллибит кирэдьииттэр ахсааннарынан үс бастыҥ иһигэр киирдилэр: Приморье кырайа – 32 млрд солк. тахса суумалаах 7 тыһ. тахса кирэдьиит, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – 23 млрд кэриҥэ суумалаах 5 тыһ. тахса кирэдьиит, Хабаровскай кыраай – 15,1 млрд солкуобайдаах 3 тыһ. тахса кирэдьиит.

Уһук Илиҥҥи 2% ипэтиэкэ эдэр ыалларга бэриллэр. Онуоха кэргэнниилэр 35 диэри саастаах, саастарын ситэ илик оҕолордоох толорута суох ыаллар буолуохтаахтар, сааһынан хааччаҕа суох – “Уһук Илиҥҥи гектар” бырагыраама кыттыылаахтарыгар уонна Уһук Илиҥҥэ үлэһит ресурсалар кэлиилэрин үрдэтии эрэгийиэннээҕи мобильнай бырагыраамалар чэрчилэринэн.

Сахаговтан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0