Саха сиригэр түөрт баһаар баара бэлиэтэннэ

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 8 күнүн сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэ территориятыгар түөрт баһаар Уус Маайа, Өлүөхүмэ, Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн улуустарыгар бэлиэтэннэ.

Күн бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар турбут улахан баһаар бохсулунна.  Билигин уоту умуруорууга үлэ ыытыллар. Уопсай иэнэ  835 га.
Баһаары умуруорууга  Авиалесоохрана 142 парашютист-десантнига, ойуур харыстабылын 26 үлэһитэ, ЫБММ  1 сотруднига уонна олохтоохтортон мобилизацияламмыт үс киһи үлэлиир. Маны таһынан сэттэ тиэхиньикэ үлэлиир.
Суукка устата Амма, Ленскэй улуустарыгар икки баһаар умуруорулунна. Санатан эттэххэ,  Ленскэйгэ ыам ыйын 30 күнүттэн хонтуруолланар зонаҕа ыраах, сылдьарга эрэйдээх сиргэ ойуур баһаара турбута диэн Экология министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Бэҕэһээ баһаары умуруордулар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0