Саха сиригэр сыл бүтүөр диэри 13 социальнай эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр «Тыа сирин биир кэлим сайдыыта” бырагырааманан бу сыл бүтүөр диэри 13 социальнай эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ.

2022 сыл бүтүөр диэри Сунтаар сэлиэнньэтигэр бассейн уонна Күндэйэҕэ 50 миэстэлээх уһуйаан тутуллан бүтүөхтээхтэр.  Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыгар култуурунай-спортивнай комплекс, Харбалаҕа 35 миэстэлээх уһуйаан тутуллуоҕа. Оттон Нам Хомустааҕар уулуссаны сырдатыы үлэтэ түмүктэниэҕэ.

Бу күһүн Чурапчы улууһун Үрүҥ Күөл сэлиэнньэтигэр сайдыы киинэ, Туора Күөлгэ оскуола-саад аһыллыахтара. Оттон Уус Алдан улууһун Сыырдаах нэһилиэгэр 120 оҕоҕо анаммыт оскуола, Уус Күөлүгэр «Чуораанчык» уһуйаан силигин ситиэхтэрэ. Хаҥалас Үөдэйигэр 60 оҕоҕо оскуола тутулла турар. Бүлүү улууһугар балаҕан ыйыгар 50 миэстэлээх уһуйаан, оскуола тутуллан бүтүөҕэ.

Итиэннэ Эдьигээҥҥэ оскуола-саад үлэҕэ киирэрэ былааҥҥа баар.

— Судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киирэн олохтоохтор олохторун тупсарар. Билигин өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар дьоҥҥо наадалаах социальнай эбийиэктэр тутулла тураллар, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев этэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0