Саха сиригэр суукка иһигэр 9 баһаар умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр суукка иһигэр барыта 94 тыһыынча га иэннээх 9 ойуур баһаар умуруорулунна. Бүгүҥҥү күҥҥэ уоту утары 2158 киһи, 288 тиэхиньикэ үлэлиир.

Биэс ойуур баһаара анал хонтуруолга баар: нэһилиэнньэлээх пууннартан 5 км тэйиччи баар Өймөкөөн Хара-Тумулугар, Горнай Өрт, Дьиикимдэ, Маҕарас уонна Күөрэлээх нэһилиэктэригэр.

Ойуур надзорун уонна харыстабылын департаменын салайааччы Владимир Иванов бэлиэтииринэн, киин уонна илин эҥээр улуустарга бара турар баһаардарга тоҕо авиацияны туһамматтарын туһунан ыйытыылар олохтоохтортон киирэллэр. «Дьокуускай аэропуордун көтөр балаһата өрөмүөннэнэр буолан, БЕ-200 да, ИЛ-75 да сөмөлүөттэри манна сатаан түһэрбэппит. Билигин бу сөмөлүөттэр Мииринэйгэ баазаланаллар. Бу диэки кэлэн уу ыһыахтарын сөп, ол эрээри кылгас кэмҥэ үлэлээн баран төннүөхтэрин наада. Онон көдьүүстээх үлэ туһуттан бу сөмөлүөттэр арҕаа улуустарга үлэлииллэр», — диэн салайааччы быһаарар.

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0