Саха сиригэр суукка иһигэр 19 ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бүгүҥҥү күҥҥэ 167 ойуур баһаара баарыттан, 61-ин умуруорууга үлэ ыытыллар. Суукка иһигэр аҕыс баһаар бохсулунна, 19 баһаары умуруордулар. Бэҕэһээ Авиалесоохрана Ан-26 сөмөлүөтэ Сунтаар улууһугар ардаҕы «ыҥырыыга» үлэлээтэ. Бу туһунан брифиҥҥэ бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, уот ылбыт сирэ 2 мөлүйүөн гектарга тэҥнэспит. Билигин баһаарга 2 814 киһи уонна 370 тиэхиньикэ үлэлиир.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ Оборуона министиэристибэтин, ЫБММ уонна гражданскай авиация сөмөлүөттэрэ үлэлииллэр. Бэҕэһээ Ан-26 Авиалесоохрана сөмөлүөтэ Сунтаарга ардаҕы «ыҥырыыга» үлэлээтэ», — диэн бастакы- вице-премьер эттэ.

Уот чугаһаабыт нэһилиэнньэлээх пууннара СӨ Суһал ыстаабын сүрүн хонтуруолугар бааллар. Бу — Кэбээйи Сииттэтэ, Үөһээ Бүлүү Кырыкыйа, Далыра, Уус Алдан Түүлээҕэ, Томпо Ударныга. Бүгүн Ударникка, кыалыннаҕына, көмөҕө барар аэромобильнай бөлөҕү бөртөлүөт илдьиэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0