Саха сиригэр сууккаҕа түөрт ойуур баһаарын умуллардылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сирин ойуур пуондатыгар 10 оройуоҥҥа 6303,5 га иэннээх 18 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ барар. Онтон биэс улууска 940 га иэннээх 5 ойуур баһаарын умуллардылар.

Ойуур баһаарын умулларыыга 1507 киһи уонна 184 тиэхиньикэ үлэлиир.  Ойууру баһаартан харыстыыр Уһук Илиннээҕи авиационнай парашютнай-десантнай баһаарынай бааза 55 баһаарынайдара Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэлииллэр. Приморскай бааза 120 авиабаһаарынайдара, ойууру сиринэн харыстыыр сулууспа үлэһиттэрэ Ньурба улууһугар баһаары бохсоллор. Бэс ыйын 9 күнүгэр киэһэ Амурдааҕы ойууру харыстыыр авиаотделение 47 авиабаһаарынайа уонна 2 кэтээн көрөр лётчик көтөн кэлиэхтэрэ.

Ааспыт сууккаҕа 605 га иэннээх сиргэ түөрт ойуур баһаара бохсулунна.

Елена Потоцкая, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0