Саха сиригэр өссө түөрт киһи коронавирустан үтүөрдэ

Ааптар: 
28.04.2020
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бүгүҥҥү күн туругунан коронавирустан өссө түөрт киһи үтүөрдэ. Бу дьон олоччу үтүөрэн, муус устар 28 күнүгэр, Алдан оройуонун балыыһатыттан таҕыстылар. 

Эмтэнии кэнниттэн хаттаан ылыллыбыт анаалыс “отрицательнай” түмүгү көрдөрдө. Онон билиҥҥитэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр коронавирустан 22 киһи эмтэнэн үтүөрдэ диэн Саха сиринээҕи суһал штаб иһитиннэрэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0