Саха сиригэр өссө 13 ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Суукка иһигэр барыта 43 003 га иэннээх 13 ойуур баһаарын умуруордулар: Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Нерюнгригэ, Эдьигээҥҥэ, Өлөөҥҥө. Саҥа баһаар баара бэлиэтэммэтэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 202 007 га иэннээх 24 ойуур баһаара баар: Уус Майаҕа — 14, Алдаҥҥа — 7, Өймөкөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Томпоҕо — 1-дии. Итиэннэ 23 га иэннээх икки ландшафтнай баһаар Өймөкөөҥҥө баар.

Былырыын баччаларга 4 мөлүйүөнтэн тахса га иэннээх сир умайа турбута.

Баһаарга 589 киһи, 20 тиэхиньикэ үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0