Саха сиригэр сир аһын хомуйуу болдьоҕо

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын сыһыаннаһыыларыгар департамент сир аһын хомуйуу болдьоҕун туһунан иһитиннэрии таһаарда. Бу туһунан департамент пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Сир аһын хомуйуу болдьоҕор өрөспүүбүлүкэ күнүн-дьылын туруга, уратыта, сир аһын ситиитэ учуоттанна. “Ситэ буһа илик сир аһын хомуйдахха, үүнээйи кэхтиэн сөп” , — диэн тустаах департамент пресс-сулууспата бэлиэтээн этэр.

Ол курдук, дьэдьэни от ыйын ортотуттан өрүс уҥуордааҕы улуустар, онтон кыратык хойутаан Бүлүү эҥээр улуустар үргүүллэрэ чопчуланна.

Арҕаа оройуоннарга хаптаҕас от ыйын 20 күнүттэн ситэринэн,  бу кэмтэн үргээбитинэн барыахтарын сөп. Маны сэргэ, сугуну хомуйуу саҕаланыа.

Биэ эмиийин (малинаны) Бүлүү ээҥэр улуустар от ыйын бүтүүтүттэн үргүөхтэрэ.

Моонньоҕон атырдьах ыйын ортото ситиэҕэ, хоту оройуоннарга кыратык эрдэлээн буһуоҕа.

Уулаах отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн үргүөххэ сөп.

Черниканы Мииринэйгэ атырдьах ыйын саҥатыттан, Алдан, Ленскэй, Нерюнгри оройуоннарыгар атырдьах ыйын ортотуттан үргүөххэ сөп.

Атырдьах ыйын бүтэһик күннэриттэн сыалаах мас эриэхэтин (кедр эриэхэтин)  хомуйуу саҕаланыа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0