Саха сиригэр Саҥа Дьыл кэллэ!

01.12.2016
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга бу чааска Ленин аатынан болуоссакка ыраах Великай Устюгтан кэлбит Тымныы Оҕонньор уонна Өймөкөөнтөн — Тымныы Полюһуттан Чысхаан Саҥа Дьыллааҕы  харыйа уотун уматтылар. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн харыйатын уотун Дьааҥыттан аҕаллылар.  Дьааҥыттан кэлбит уоту чөл олох түһэ Дмитрий Горохов Саха сирин ыалдьытыгар — Тымныы Оҕонньорго туттарда.

img_9825-01-12-16-04-56Харыйа уота умайыан иннинэ, Чысхаан Бүлүү бөлөх улуустарыгар кырачааннары үөрдэ, айаҥҥа турунарын туһунан биллэрдэ. Кини Бүлүүнэн, Үөһээ Бүлүүнэн, Ньурбанан, Сунтаарынан Миирнэйгэ тиийиэхтээх. Ил Дархан дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов: «Киэһэ биэс чааска өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар Саҥа Дьыллааҕы харыйалар уоттара умайыахтара», — диэн биллэрдэ. Саҥа Дьылы көрсүү үөрүүлээх тэрээһинигэр дьыл бэлиэтэ Бөтүүк сыанаҕа тахсан, оҕолору, дьону-сэргэни саҥа үүнэн эрэр 2017 сылынан эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн болуоссатыгар харыйа уота умайаатын кытта халлааҥҥа араас өҥнөөх салют уота күлүмнээтэ.

Елена ПОТОЦКАЯ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0