Саха сиригэр үс мөлүйүөн сурутааччылаах ютуб-блогер Ильдар кэллэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, олунньу 17 күнүгэр, Минскэйтэн Дьокуускайга Ильдар Хабибуллин, ол эбэтэр Приятный Илдьар диэн аатынан биллэр блогер кэллэ. Бу туһунан кини «Инстаграмыгар» иһитиннэрдэ.

Ильдар Хабибулин ютуб ханаалын 3,57 мөлүйүөн киһи кэтиир. Кини онно «Беременна в 16», «Четыре свадьбы» уонна «Званый ужин» теле-шоулары ырытар.

Билиҥҥитэ блогер Саха сиригэр туох сыаллаах кэлбитэ биллибэт.

Бэҕэһээ «Өлүөнэ очуостарыгар» сылдьыбытын, онтон бүгүн Хаандыгалаан эрэрин туһунан эмиэ «Инстаграмыгар» суруйбут.

Ильдары кытта Саха сиринээҕи сүгүрүйээччилэрэ көрсүөхтэрин баҕаралларын биллэрэннэр, табылыннаҕына, «фан-встреча» тэрийиэҕэ.

Хаартыскалар — instagram.com/masterildar;

ru.m.wikipedia.org

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0