Саха сиригэр үс киинэ саала аһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа Киинэ күнүгэр, атырдьах ыйын 27 күнүгэр, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар киинэ саалалара аһылыннылар.Чурапчы Одьулуунугар, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр үөрүүлээх тэрээһиннэргэ СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирн бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин кытынна.

— Киинэ сомоҕолуур күүстээх. «Экстра Синема» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ситим бырайыага аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарга киинэни көрдөрөрөгө кыаҕы биэрэр. Култуура дьиэлэригэр ордук хос усулуобуйата суох киинэни көрдөрөр судургу систиэмэлээх. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэнньэлээх пууннарга бу саалалар аһыллыбыттарыттан үөрдүм. Одьулууҥҥа уонна Төҥүлүгэ тиэхиньикумнар бааллар, онон саҥа саалаларга ыччат сөбүлээн сылдьыа диэн эрэнэрбин, — диэн Владислав Левочкин эттэ.

«Киинэ саалалара аһыллыылара киинэни оҥорооччулар дохуоттарын элбэтэргэ көмөлһүөхтэрэ. Биһиги эрэгийиэммитигэр атын эрэгийиэннэрдээҕэр ордук элбэх киинэ уһуллар буолан бу суолталаах бырайыак», — диэн миниистири солбуйааччы эбэн эттэ.

Бу туһунан СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ пресс-сулуууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0