
Тохсунньу 28 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр баар бары оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ олоҕурбут көрүҥүнэн (802 уһуйаан) үлэлии тураллар.
Быстах кэмҥэ 6 уһуйааҥҥа 10 бөлөх сабыллан турар. Ол иһигэр коронавирус булуллубутунан – 4, ОРВИ уонна кириип ыарыыта тарҕанар нуорматын аһарбытынан – 6 (Дьокуускай куоракка – 3, Бүлүү улууһугар – 1, Булуҥ улууһугар — 2).
Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн олоҕурбут көрүҥүнэн — 90, очнай-заочнай көрүҥүнэн – 235, ыраахтан олорон (дистанционно) 316 оскуола үлэлиир. Халлаан тымныытынан сибээстээн, 444 оскуолаҕа (4845 кылаас) актированнай күннэр биллэриллэн, оҕолор ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнэллэр.
Коронавирус булуллубутунан 5 оскуолаҕа 7 кылаас быстах кэмҥэ сабыылаах (Дьокуускай куоракка – 2, Нерюнгри улууһугар – 4, Алдан улууһугар — 1).
Орто анал үөрэх 16 тэрилтэтэ ыраахтан олорон (дистанционно), 26 олоҕурбут көрүҥү уонна ыраахтан олорууну дьүөрэлээн (смешаннай) үлэлиир. Олоҕурбут көрүҥүнэн Аллараа Халыма улууһун Черскэй бөһүөлэгин Арктикатааҕы хотугу норуоттар кэллиэстэрэ үөрэтэр.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.