Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Дагестаннааҕы «Пионер» авиахампаанньа өҥөтүнэн туһанан эрэллэр. Ааспыт ыйтан саҕалаан салгын тырааныспарын Саха сиринээҕи ырыынага саҥа күрэстэһээччинэн эбилиннэ.
Ол курдук «Пионер» АХ Дьокуускай – Таксимо (Бурятия) – Иркутскай хайысханан нэдиэлэҕэ үстэ Ан-24 сөмөлүөтүнэн пассажирдары таһар. Маршрут оптуорунньукка, чэппиэргэ уонна субуотаҕа оҥоһуллар.
Дьокуускайтан Иркутскайга диэри сыана ортотунан 8000 солк. быһыллыбыт. Холобур, сэтинньи 29 күнүнээҕи билиэт 8725 солкуобайынан олохтоммут. Эмиэ бу күн «Ир-аэро» 12104 солк., «S7» хампаанньа 13211 солк., онтон «Якутия» АХ 53620 солк. атыылыыр. Онон атын хампаанньалар сыаналарын кытары тэҥнээтэххэ, «пионердар» сыаналара удамыр.
«Пионер — региональные авиалинии» — пассажирдары көтөр аалынан таһыы федеральнай ырыынагын саамай эдэр кыттааччыта.
Анивера АКИМОВА.