
Саха сиригэр ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу сезона түмүктэннэ. Тустаах ыйаахха балаҕан ыйын 12 күнүгэр СӨ Экологияҕа миниистирин эбээһинэһин толорооччу Евгений Перфильев илии баттаата.
«Сезону түмүктүүргэ ардахтаах күн-дьыл туран уонна биллэ тымныйбыта төрүөт буолла», — диэн биэдэмистибэ иһитиннэрэр.
Саха сиригэр атырдьах ыйын бүтүүтүттэн ойуур баһаардара бэлиэтэммэтэхтэрэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1