Саха сиригэр ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу сезона түмүктэннэ
13.09.2022
Саха сиригэр ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу сезона түмүктэннэ. Тустаах ыйаахха балаҕан ыйын 12 күнүгэр СӨ Экологияҕа миниистирин эбээһинэһин толорооччу Евгений Перфильев илии баттаата.
«Сезону түмүктүүргэ ардахтаах күн-дьыл туран уонна биллэ тымныйбыта төрүөт буолла», — диэн биэдэмистибэ иһитиннэрэр.
Саха сиригэр атырдьах ыйын бүтүүтүттэн ойуур баһаардара бэлиэтэммэтэхтэрэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1