Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруорууга Бе-200 сөмөлүөт кэлиэҕэ
Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруорууга көмө буола Бе-200 амфибия-сөмөлүөт кэлиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ маныаха сайаапка ыыппыт. Бу туһунан СӨ экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрэр.
«Өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтигэр авиацияҕа эбии көмө кэлэригэр сайаапкаласпыта. Чугаһынан кэмҥэ Бе-200 сөмөлүөтү уонна Ми-8 бөртөлүөтү күүтэбит», — диэн Коноплев бэлиэтиир.
Ааспыт сууккаҕа Алдан оройуонун сиригэр-уотугар үс ойуур баһаара умуруорулунна. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 80 ойуур баһаара баар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.
0
0