Саха сиригэр ойуур баһаарыгар 2 103 киһи үлэлиир

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар барыта 2 103 киһи, 268 тиэхиньикэ үлэлиир.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 740 221,6 иэннээх 75 ойуур баһаарын умуруораллар: Үөһээ Бүлүүгэ — 4, Бүлүүгэ — 5, Горнайга — 13, Кэбээйигэ — 3, Ленскэйгэ — 2, Мэҥэ Хаҥаласка — 1, Мииринэйгэ — 7, Намҥа — 1, Ньурбаҕа — 4, Өймөкөөҥҥө — 1, Өлүөхүмэҕэ — 1, Сунтаарга — 12, Тааттаҕа — 2, Томпоҕо — 2,  Уус Алдаҥҥа — 2, Уус Майаҕа — 3, Хаҥаласка — 6, «Өлүөнэ очуостарыгар» — 4, Өлүөхүмэ заповеднигар — 2.

Мантан 89 412 га иэннээх 12 баһаар бохсулунна диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

 СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0