Cаха сиригэр Дьааҥы хайаларыгар Ной аалын курдук улахан, тааһырбыт болуот баар диэн үһүйээн чахчы буолуо дуо?
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru
Ной аалын (Ноев ковчег) туһунан Библияҕа суруллар. 44-50 үйэ анараа өттүгэр аан дойдуга Улуу уу сута (потоп) кэлэн, кураанах сир хаалбатах. Таҥара ыйыытынан, Ной улахан аалы туппут уонна онно кыыллары киллэрбит. Хас да ый аал уйаара-кэйээрэ суох уу ньуурунан уста сылдьыбыт. Онтон 40 күнү быһа курулаччы кутар ардах тохтоон, Арарат хайа чыпчаала көстүбүт. Онон Ной аала Араракка хаалбыт диэн кэпсэнэр.
Араракка Ной аалын икки сүүсчэкэ сылы быһа көрдөөтүлэр. 150 миэтэрэ кэриҥэ уһуннаах улахан аал тааһырбытын буллубут диэн иһитиннэриилэр, хаартыскаҕа түһэриилэр өтөр-өтөр тахсаллар эрээри, учуонайдар ону утараллар. Аал курдук быһыылаах таастар бааллар эрээри, бу мас тааһырбыта буолбатах дииллэр.
Сорохтор Библияҕа былыргы тылынан Арарат буолбакка, Урарту хайа суруллубут, онон атын сиргэ көрдүүллэр диэн этэллэр. Атыттар планета саамай үрдүк чыпчаалыгар – Гималай хайаларыгар баара буолуо дииллэр.
Хайдаҕын да иһин, аатырбыт Ной аала булулла илик. Дьиҥинэн, мас хараабыл былыр үйэҕэ эмэҕирэн, сүтэн-симэлийэн да хаалбыт буолуон сөп.
Саха сирин дьиктилэрэ
Биир арыллыбатах дьиктинэн Ной аалыгар майгынныыр тааһырбыт болуоттар Дьааҥы хайаларыгар бааллар диэн үһүйээн буолар. Аан бастаан учуонай-айанньыт барон Фердинанд Врангель 1820 сыллаахха бу үһүйээни суруйан хаалларбыт үһү.
Өймөкөөн, Дьааҥы, Муома олохтоохторо бу болуот баарын билэллэр. Саха сиригэр үүммэт, биир киһи кыайан кууспат суон мастартан оҥоһуллубут болуот тааһыран сытарын көрбүт булчуттар, табаһыттар бааллар. Болуот 300-400 миэтэрэ үөһэ сытар. Түөрт суон бэрэбинэ киһи илиитин саҕа суоннаах сигэнэн былыргылыы ньыманан баайыллыбыттар. Бу баайыллар сиринэн оҥо хаһыылаахтар үһү. Болуот Өймөкөөн улууһун Төрүт бөһүөлэгиттэн 7 килэмиэтирдээх сиргэ баар дииллэр.
2014 сыллаахха “Норд-Стрим” туристическай хампаанньа экспедиция тэрийэн көрдүү сатаабыта. Хампаанньа дириэктэрэ Михаил Местников 60-ча сыллааҕыта ити болуоту көрбүт киһини кытта көрсөн кэпсэппитэ.
Болуоту 1959 сыллаахха 4 олохтоох дьон булан, биллэрэ сатаабыттар да, ким да интэриэһиргээбэтэх. Кинилэр истэригэр Афанасий Степанович Гермогенов (80-нун ааспыт) баара. Кини сирдээн, дьоҕус экспедиция хайаҕа тахсан, болуоту көрдүү сатаабыта да, булбатаҕа.
Михаил Местников, “Норд-Стрим” туристическай хампаанньа дириэктэрэ:
— Элгэ үрэх Индигииргэ түһэр сиригэр ыйдаран тиийэн көрдүү сатаабыппыт. Баһаар буолбут этэ, баҕар, онно сүппүтэ буолуо. Аны туран, сиҥнэ турар кытылтан ууга түһэн симэлийбит буолуон сөп. Афанасий Степановичтаах 60-ча сыллааҕыта көрбүттэр, ол кэмтэн сир-дойду да уларыйдаҕа дии.
Аны туран, Яна, Индигиир өрүстэр икки ардыларыгар, Дьааҥы хайатыгар эмиэ баар дииллэр. Дьааҥы, Муома да өттүттэн көрбүттэр бааллар. Ол диэки биһиги бара иликпит.
Ити иккис болуот туһунан этэр буоллахха, Дьааҥы улууһугар Табалаах сэлиэнньэтиттэн 20 көстөөх сиргэ эмиэ олус улахан тиит мастан оҥоһуллубут болуоттары көрбүт дьон бааллар. Холобур, табаһыттар Егор Кривошапкин, Сергей Прудецкай көрбүттэр. Кинилэр ыстааданы кытары көһө сылдьаллар, бөһүөлэккэ киирэллэрэ да ахсааннаах. Онон кинилэри кыайан булан кэпсэппэтибит. Болуоттар тустарынан Табалаах олохтоохторо бары билэллэр.
Үсүһүнэн, кыраайы үөрэтээччи Андрей Константинов Дьааҥы хайаларыгар Ааллаах үрэххэ, Кустуур уонна Саккырыыр сэлиэнньэлэриттэн чугас соҕус, хас да сиргэ 6-8 миэтэрэ уһуннаах, миэтэрэ аҥара кэтиттээх тааһырбыт болуоттар бааллар диэн кэпсээбиттээх.
Учуонайдар анаан тахсан көрдөөн, чинчийэн, наукаҕа улахан арыйыыны оҥоруохтарын сөп эбит.
Кистэлэҥнээх болуоттар
Болуот маһа тоҕо эмэҕирэн тохтубатаҕай? Тиит маһы ууга сытыйбат гына анал састаабынан соттоххо, үйэлэргэ эмэҕирбэккэ сытар дииллэр. Эбэтэр тыһыынчанан сылларга мууһунан бүрүллэн сытан баран, тааһыран хаалбыт буолуон сөп. Оннооҕор былыргы кыыл тыһыынчанан сылларга сибиэһэй сытар буоллаҕына, мас да тулуктаһыан сөп буоллаҕа…
Мас сир анныгар, салгына суох эйгэҕэ киирдэҕинэ, минералларынан байытыллан, устунан тааһыран хаалара наукаҕа биллэр.
Өскөтүн бу Дьааҥы хайаларыгар сытар былыргы болуот хас тыһыынча сыллааҕыта оҥоһуллубута быһаарылыннаҕына, Ной үһүйээнигэр кыттыгастаах курдук буолуо этэ. Уу сута Сири барытын бүрүйбүт буоллаҕына, ханна да дьон ыксалынан болуот оҥостон, быыһана сатыыллара чуолкай.
Саха сиригэр отучча тыһыынча сыллааҕыта дьон олорбуттара. Ону кинилэр тааска суруйан, уруһуйдаан хаалларбыттара, олоро сылдьыбыт сирдэрин археологтар хаһыылара (Дириҥ-Үрэх) туоһулууллар. Өссө ааһа баран, учуонайдар киһи-аймах цивилизацията Африкаҕа буолбакка, Уһук Хоту, Саха сиригэр үөскээбитэ, индеецтэр төрүттэрэ Сибииртэн Берингов силбэһиитин нөҥүө туораан, Америкаҕа көспүттэр диэн сабаҕалааһыны оҥорбуттара.
Былыргы дьон ууттан быыһанаары болуот оҥостуохтарын сөп буоллаҕа. Бастаан ууттан Дьааҥы чыпчааллара көстөннөр, болуоттарын онно тиксэрбиттэр… Оччотугар Улуу уу сутугар соҕотох Ной эрэ буолбакка, планета үрдүнэн хас да сиргэ дьон быыһанар суолу булунан, тыыннаах ордубут буолуохтарын сөп курдук буолан тахсар. Ону атын да норуоттар үһүйээннэрэ туоһулууллар. Холобур, былыргы сайдыылаах шумердар “Гильгамеш” туһунан эпостарыгар эмиэ Улуу уу сутун, быыһаммыт дьон туһунан кэпсэнэр. Ол эрээри атын норуоттарга ол үһүйээннэр сурукка киирбэтэхтэр, арай Библияҕа эрэ суруллан хаалан, билиҥҥи кэмҥэ тиийэн кэллэҕэ.
Биһиги дойдубутугар төһөлөөх айылҕа кистэлэҥнэрэ арыллыбакка сыталлара буолуой! Бэрт кыраны да сэгэтэн көрдөххө, олус интэриэһинэй. Кэлин, баҕар, араас кистэлэҥнэр бииртэн биир арыллан иһиэхтэрэ…
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru