Бүгүн Арассыыйа үрдүнэн 17 эрэгийиэҥҥэ “Кванториум” арылынна. Олортон биирдэстэринэн – Саха сиригэр. Киин уопсай иэнэ – 1200 кв. миэтэрэ. Бары туһаналларыгар аналлаах үрдүк технологиялаах сыахтаах итиэннэ 8 араас хайысхалаах лабораториялаах.
edersaas.ru
Улахан тэрээһин үгэс курдук алгыстан саҕаланна. Ол курдук, биллэр алгысчыт Иван Васильев уот оттон арчылаата, Үрдүк Айыылартан көрдөстө. “Этигэн хомус” ансаамбыл (салайааччы А.С.Жиркова) иитиллээччилэрэ хомуһунан бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ол кэнниттэн Ил Дархан Егор Борисов, СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Феодосия Габышева, Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Николаев, Дьокуускай куорат 33-с нүөмэрдээх оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Вадим Кейцевич, 17-с оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ Екатерина Жебсаина ытыс тыаһын доҕуһуолунан аалай лиэнтэни быстылар.
“Хас биирдии оҕо талааннаах. Ону булан таһаарыахха, өйүөххэ, көҕүлүөххэ, сайыннарыахха наада. Науканан дьарыктаныан баҕалаах оҕолорго анаан Аччыгый академияны арыйбыппыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн спордунан дьарыктанар оҕо элбэх. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыытар бэлиитикэтин чэрчитинэн өссө биир хайысхаҕа оҕолор талааннарын арыйар, өйүүр кыахтанныбыт. Биир “Кванториумунан” хааччахтаммаппыт. Ол курдук, Автодорожнай уулуссаҕа “Арктика оҕолоро” диэн техническэй киин аһыллыаҕа. Эһиилгиттэн Өктөмҥө Аччыгый академия үөрэҕин киинин тутуутун саҕалыахпыт”,– диэн Ил Дархан тыл этэригэр бэлиэтээтэ.
Ил Дархан Егор Борисов, “Кванториум” федеральнай куратордара, Москватааҕы Үөрэх саҥа ньымаларын сайыннарыы фондатын эспиэрэ Андрей Ларкин, Москватааҕы Стратегическай көҕүлээһин агентствотын үөрэх инновационнай ньымаларыгар департаменын салайааччытын солбуйааччы Надежда Иванова, тэрээһин арыллыытыгар кыттыбыт бары салайааччылар хас биирдии Квантумнары кэрийэн көрдүлэр-иһиттилэр, оҕолор бырайыактарын кытта билистилэр. Ил Дархан тус бэйэтинэн оҕолору кытта кэпсэттэ, бырайыактарын туһунан туоһуласта, хайа эрэ түгэҥҥэ сүбэлэри даҕаны биэрдэ.
Энерджи-квантуму иилиир-саҕалыыр, Москваттан кэлэ сылдьар Андрей Ларкин билиҥҥитэ чопчу миэстэлэргэ тыал күүһүн бэрэбиэркэлииргэ туһаайыллыбыт бырайыагы биһирээбитин, итинтэн интэриэһинэй чинчийэр үлэ тахсыан сөбүн бэлиэтиир. Тикси эҥин диэки тыал күүһэ улаханын, онтон чугас эргин ханна, төһө күүстээҕин үөрэтиэххэ, ол түмүгэр оҕолор “ветряктары” туруорар ирдэнэрин дуу, ирдэммэтин дуу чинчийиэхтэрин сөп диэн этэр. Итиэннэ бастакы сыл “Кванториумнарга” барыларыгар тэҥ тэрил түҥэтиллэр эрээри, эрэгийиэн климатыттан тутулуктанан, оҕолор бырайыактара араас буоларын, тус бэйэтэ ону биһириирин ыйар.
“Бу 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах оҕону сайыннарар сыһыарыы. Манна улахан дьон эмиэ оонньуон сөп. Үс хайысхалаах. Гуманитарнай хайысхаҕа сахалыы тылы киллэрэ сылдьабыт. Географическайга куораты, дойдуну, өрүһү, муораны быһаарыахтарын сөп. Математическайга – эбии, көҕүрэтии, кыра, аҕыйах. Оҕолор сынньалаҥ кэмигэр оонньуулларын курдук, маннык сыһыарыы хас биирдии оскуолаҕа туруон баҕарабыт. Тустаах сыһыарыы бэлэм хоруйу этэн биэрбэт, онон оҕо бэйэтэ көрдөөн буларыгар, билиитин хаҥатарыгар кыах үөскүүр”, – диэн IT-квантум иитиллээччитэ Елизавета Апросимова кэпсиир.
Инникитин техническэй пааркалары улуустарга арыйар туһунан толкуйдууллар. Үөһээ Бүлүүтээҕи техническэй киин үлэһиттэрэ “Кванториум” арыллыытыгар анаан-минээн кэлбиттэр: “Биһиги тэрилтэбит үлэлээбитэ иккис сыла. Бу иннинэ салаа быһыытынан сылдьыбыппыт. Оҕолору аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр технологиянан дьарыктыырга дьулуһабыт. Күн бүгүн робототехника, вэб-дизайн, IT-технология, системнай администрирование курдук хайысхалардаахпыт. Билиҥҥитэ 80-ча оҕо дьарыктанар. Хайдах, туох тэрил ирдэнэрин бырагырааманан көрөн ырыта сылдьабыт”, – диэн салайааччы Василий Николаев санаатын үллэһиннэ.
“Кванториум” “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин, СӨ Наукатын аччыгый академиятын уонна Дьокуускай куораттааҕы Оҕо айымньытын дыбарыаһын базаларыгар, үс тэрилтэ салалтатынан үлэлиир. Күн сарсыҥҥыттан дьарыктар саҕаламмытынан барыахтара.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru