Саха сиригэр кэнники хонукка 29 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, атырдьах ыйын 6 күнүгэр, сарсыардааҥҥы иһитиннэриинэн, Бүлүү, Сунтаар, Дьааҥы, Томпо, Эдьигээн, Алдан, Нерюнгри, Уус Алдан, Муома, Уус Маайа оройуоннарыгар уопсайа 32 243 га иэннээх сиринэн 29 ойуур баһаара умуруоруллубут.

Алта ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 12 080 га) Алдан, Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Сунтаар, Уус Маайа оройуоннарыгар бохсуллубут.

Иһитиннэриллибитинэн, уопсайа 238 807 га иэннээх сиринэн 54 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Ньурбаҕа — 2, Сунтаарга — 2, Уус Маайаҕа — 18, Мииринэйгэ — 1, Үөһээ Бүлүүгэ — 2, Алдан оройуонугар — 17, Орто Халымаҕа — 1, Нерюнгригэ — 1, Эдьигээҥҥэ — 4, Томпоҕо — 3, Өймөкөөҥҥө — 1, Өлөөҥҥө — 1, Эбээн Бытантайга -1.

Былырыын бу кэмҥэ уопсайа 3 042 393,3 га иэннээх сиринэн 159 ойуур баһаара бэлиэтэнэн турар.

Атырдьах ыйын 6 күнүгэр сарсыарда аҕыс чаастааҕы иһитиннэриинэн, Эдьигээҥҥэ, Эбээн Бытантайга, Өлөөҥҥө этиҥнээх самыыртан түөрт ойуур баһаара (уопсай иэнэ 62 га) бэлиэтэммит.

Билигин 11 ойуур баһаарын (уопсайа 57 996 га иэннээх сиринэн) Алдан, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Мииринэй, Нерюнгри, Ньурба, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Сунтаар, Томпо, Уус Маайа, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар умуруорууга үлэ ыытыллар.

Ойуур баһаардарын утары 922 киһи охсуһар. Итинтэн 746 парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа , 92 — ойуур баһаардарын утары охсуһар сулууспа, 20 — ГПС уонна МЧС үлэһиттэрэ, олохтоох нэһилиэнньэттэн бэйэлэрин баҕаларынан 64 киһи, 59 тиэхиньикэ үлэлиир.

Сааскы кэмтэн өрөспүүбүлүкэҕэ 510 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 451 999,11 га) бэлиэтэммит (былырыын бу кэмҥэ 1353 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 5 173 168, 67 га).

Атын категория сирдэргэ 25 ландшафтнай баһаар (уопсай иэнэ 18711 га) бэлиэтэммит (былырыын бу кэмҥэ бэлиэтэммитинэн 1 552 га иэннээх сиринэн 2 ландшафтнай баһаар баар эбит).

Ураты харыстанар сирдэргэ уопсайа 33,5 га иэннээх сиринэн 6 ойуур баһаара бэлиэтэммит (былырыын бу кэмҥэ 16 ойуур баһаара 30 382 га иэннээх сиринэн).

Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Уус Маайа, Алдан, Нерюнгри, Ньурба, Мииринэй, Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар салҕанар.

«ЯУГМС» ФГБУ иһитиннэрбитинэн,  Чурапчы, Ньурба оройуоннарыгар ардахтаабытынан, ойуур баһаара 1 кылааска диэри намтаабыт. Оттон атырдьах ыйын 6 күнүнээҕи туругунан, Алдан, Томпо оройуоннарыгар V кылаастаах, Уус Маайа, Таатта оройуоннарыгар IV кылаастаах ойуур баһаардара бэлиэтэнэллэр.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун уонна ыалдьыттарын ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбилин тутуһаргытыгар сүбэлиир. Өскөтүн айылҕаҕа сылдьан ойуур баһаарын көрдөххүтүнэ, эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспаҕа 8-4112-44-74-76, эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэргэ биллэрэҕит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0