Саха сиригэр иккис сөмөлүөт сүттэ

Бөлөххө киир:

СӨ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр иккис сөмөлүөт радартан сүттэ.

Өлөөн улууһун Өлөөн аэропордугар түһүөхтээх Ан-30 сөмөлүөт 30-ча килэмиэтирдээх сиртэн сибээстэн сүттэ. «Мир» НПП хампаанньа Ан-30 сөмөлүөтэ  аан бастакы көтүүтүн 1978 сыллаахха оҥорбут. Салгын суднота Дьокуускай — Өлөөн маршрутунан кэмиэрчэскэй рейси толорон испит. Сөмөлүөт экипаһа бүтэһигин Өлөөн улууһуттан 30 килэмиэтирдээх сиргэ сибээскэ тахса  сылдьыбыт. Саахалы биллэрэр маяк үлэлээбэтэх. Барыллаан чахчынан, сөмөлүөккэ экипаж 5 киһитэ баар уонна 6,3 туонна таһаҕастаах көтөн испит.
Көрдүүр үлэҕэ «АЛРОСА» авиахампаанньа  Ан-26 салгын суднота үс быыһааччылаах көтөн эрэр.
Санатан эттэххэ, бэҕэһээ, бэс ыйын 21 күнүгэр,  Кэбээйи улууһугар Үс Хатыҥ (Дьокуускай)—Вертикальнай (Кэбээйи улууһа) маршрутунан көппүт чааһынай Ан-2 сүтэн баран,   билигин да көстө илик.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0