Саха сиригэр Ийэ күнэ өрөбүлгэ бэлиэтэниэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн сарсыардаттан батсаап ситимигэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлэһии бөҕө.

edersaas.ru


Ол эрээри Ийэ күнүн бу өрөбүлгэ — алтынньы 21 күнүгэр бэлиэтиибит. Быйыл бу суолталаах бырааһынньык 25-с үбүлүөйдээх сыла. 1993 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр СӨ  бастакы бэрэсидьиэнэ  Михаил Николаев  Ийэ күнүн бэлиэтээһин туһунан  532 №-дээх ыйааҕы таһаарбыта. Бу кэмтэн ыла 25 сылы быһа алтынньы үһүс өрөбүлүгэр Саха сирин ийэлэрин чиэстиибит.

Ким эрэ батсаапка Ийэлэргэ анаммыт күннэр элбээбиттэрин туһунан испииһэк оҥорон тарҕаппытын иилэ хабан ылан, бүгүн өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан ийэлэргэ эҕэрдэ мааныта, бастыҥа тарҕанна.

Онон Ийэ күнүн сокуоннай ыйаах быһыытынан бу өрөбүлгэ — алтынньы 21 күнүгэр бэлиэтиэхпит. Бу туһунан истиэнэҕэ ыйанар саха халандаарыгар кытта ыйыллыбыт.

Батсаап социальнай ситимин дьону уочараттаах «буккуйуута» 25 сыллаах үбүлүөйдээх бырааһынньыкка ийэлэри, эбээлэри чиэстииргэ ЭРДЭТТЭН бэлэмнэнии курдук буоллун!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0