- Россияҕа бүтэһик биэрэпис 2010 сыллаахха ыытыллан, дойдубутугар төһө киһи, хас араас омук олороро уонна да оннооҕор интэриэһинэй чахчыллар биллэн, судаарыстыбаннай статистикаҕа киллэриллибиттэрэ. Ол курдук Саха сиригэр 2010 сыллаахха 958528 нэһилиэнньэлэнэн, сахалары таһынан, ордук элбэх нууччалар, эбээннэр, украинецтар, эбэҥкилэр, татардар, буряттар, киргизтэр олороллоро биллибитэ. Маны таһынан гагауз, нивх, манси курдук сэдэх ахсааннаах норуоттар бааллара бэлиэтэнэн сурукка тиһиллибитэ. Ол эрээри бу хас да сыллааҕы сыыппаралар. Миграционнай сулууспа чахчыларынан, кэлиҥҥи сылларга атын дойдулартан омуктар кэлиилэрэ элбээтэ. 2011 сыллаахха Киргизия, Узбекистан, Кытай олохтоохторо биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлиилэринэн рекорд олохтоон тураллар.
- Сахалар 466492
-
Нууччалар 353649
-
Эбэҥкилэр 21008
-
Украинецтар 20341
-
Эбээннэр 15071
-
Татардар 8122
-
Буряттар 7011
-
Киргизтэр 5022
-
Армяннар 3691
-
Узбектар 3332
-
Уонна да атын омуктар
- Анивера АКИМОВА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1