Саха сиригэр ханна сынньанабыт? (туурдар уонна сынньалаҥ баазаларын туһунан)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Экстрими таптааччыларга уонна айылҕаҕа сынньалаҥы ордорор дьоҥҥо анаан Саха сиринэн туурдары, сынньалаҥ баазаларын түмтүбүт.


«Сататур»: Өймөкөөҥҥө сынньалаҥ, Афродита хайаны дабайыы

«Сататур» тэрилтэ «Дьокуускай — Хороту — Уус-Ньара — Дьокуускай» хайысханан баҕалаахтары айаҥҥа ыҥырар. Өймөкөөн биир кэрэ көстүүтэ — Киһилээх хайа Уус-Ньара бөһүөлэгин аттыгар баар. Бу аттыгар турар Таас Кыстаабыт диэн сис хайаны дабайыахха сөп. Мантан хоту сир кэрэ уонна ураты айылҕата көстөр. Оттон Хороту күөл кулгаах курдук быыһылааҕын иһин эбээннии «корит» (кулгаах) диэн тылтан ааттаабыттар. Туристар уонна ыраах айан суоппардара бу күөлгэ кыһыл балык баарын иһин Кыһыл күөл диэн ааттыыллар эбит.

Айаҥҥа 5-16 киһи буолан туруналлар, хонуга — сиргэ. Дьокуускайтан Хороту күөлгэ диэри быһа холоон 20 чаас айанныыгын.

Туур уһуна — 5 күн.

Дааталар: от ыйын 26–30 күннэрэ, атырдьах ыйын 2–6 күннэрэ, атырдьах ыйын 9–13 күннэрэ, атырдьах ыйын 16–20 күннэрэ, атырдьах ыйын 23–27 күннэрэ.

Туур сыаната: 27 000 солкуобай.

Атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри бронь оҥордоххо, туур сыанатыттан 2000 солкуобайы чэпчэтэллэр.

Туур туһунан сиһилии: https://satatrip.ru/tour1

«Сататур» хампаанньа Афродита хайаҕа дабайыыны тэрийэр. Хайа үрдүгэ — 2060 миэтэрэ, бөһүөлэктэн 17 км тэйиччи турар Таас Кыстаабыт сис хайаҕа баар.

Манна Дьокуускайтан Уус-Ньараҕа диэри 5-7 киһилээх бөлөҕү тэрийэн илдьэллэр. Туур 5 күн устата буолар.

Хонуга — сиргэ уонна гостиницаҕа. Айан — 24 чаас кэриҥэ.

Дааталар: атырдьах ыйын 2-6 күннэрэ, атырдьах ыйын 16-20 күннэрэ.

Туур сыаната: 30 000 солкуобай.

Атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри бронь оҥордоххо, туур сыанатыттан 3000 солкуобайы чэпчэтэллэр.

Туур туһунан сиһилии: https://satatrip.ru/tour2

Эбии информация: бастайааннай килийиэннэргэ 10%-наах чэпчэтии көрүллэр. «САТАТУР» норуоттар икки ардыларынааҕы тас уонна бэйэ туризмын официальнай туроператорынан буолар (РТО 021903 реестровай нүөмэрдээх).

Бу хампаанньа Саха сиригэр үһүс сылын туурдары тэрийэр: страхование, гиид өҥөтө, трансфер, олоруу, аһылык көрүллэр. Хайаҕа тахсыыга анаан бэлэмнэниини ирдээбэт.

WhatsApp: + 7 (914) 265-60-03

Сайт: www.satatrip.ru

Telegram: https://t.me/satatrip

VK: https://vk.com/satatrip

Е-mail: grigoryev_87@mail.ru

«Дьокуускай — Хороту — Уус-Ньара — Дьокуускай» хайысхаҕа 2000 солкуобай чэпчэтии, «Дьокуускай — Уус-Ньара — Дьокуускай» хайысхаҕа 3000 солкуобай чэпчэтии 9.07.2022 — 01.08.2022 күннэргэ буолар туурдарга көрүллэр. Бастайааннай килийиэннэргэ чэпчэтии өҥөтө куруук баар. Туурдар усулуобуйаларын туһунан сиһилии саайтка ааҕыҥ: www.satatrip.ru.


GreyHouse дьиэ

Куорат сүпсүлгэннээх олоҕуттан чугас дьоҥҥутун кытта сибиэһэй салгыҥҥа сынньаныаххытын, шашлык ыһаарылыаххытын баҕарар буоллаххытына, GreyHouse ураты оҥоһуулаах тупсаҕай дьиэҕэ ыалдьыттааҥ. Дьиэ кэргэнинэн сынньанарга, доҕоттору кытта көрсөргө, айылҕалыын бииргэ буоларга — саамай табыгастаах дьиэ.

Бу дьиэҕэ 6-8 киһи сынньаныан сөп. Тэлэбиисэр, холодильник, микроволновай оһох, индукционнай билиитэ, иһит-хомуос, ыраас уу, тостер, остуол оонньуулара, макраме-хачыал, дьыбаан, икки орон, сынньанар сирдээх веранда, уулуссаҕа хачыал, мангал зоната, беседка баар.

Дьиэ арыандатын сыаната — сууккаҕа 5000-10 000 солкуобай.

Аадырыһа: Дьокуускай, Севернай микро-түөлбэ, Яблочнай уул, 60.

Төлөпүөннэр: +7 (964) 421-31-13, +7 (914) 829-93-16.


 Norway Park — «веревочнай» паарка

Norway Park — айылҕаҕа көхтөөхтүк сынньаныан баҕалаах дьоҥҥо анаммыт паарка. Сааһынан, эт-хаан туругунан хааччаҕа суох ким баҕалаах кэлиэн сөп. Пааркаҕа араас таһымнаах алта трасса, 83 түһүмэх, 15-зип-лайн баар. Трасса уопсай уһуна — 2 км. Паарка территориятыгар кафе, сынньанар сир баар.

Аадырыһа: Табага тумуһа 3, Эргэ Табаҕа с.

Төлөпүөн: +7 (914) 239-42-92.

E-mail: norwaypark@mail.ru.

Үлэ болдьоҕо: күннэтэ с 10:00 до 20:00.

Каасса 18:00 чааска диэри үлэлиир.

Төрөөбүт күннээхтэргэ үс күн иннинэ уонна ааспытын кэнниттэн 50 %-наах, элбэх оҕолоохторго 15%-наах чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Итиэннэ хас сэрэдэ аайы устудьуоннарга 20%-наах чэпчэтии баар.


«Берег легенд» глэмпинг-паарка

Өлүөнэ өрүс кэрэ көстүүлээх сиригэр баар сынньалаҥ баазатыгар — «Берег легенд» диэн глэмпинг-пааркаҕа киин куораттан балтараа чаас кэриҥэ айаннаан тиийэҕин. Паарка аттыгар Тукулаан уонна бизонарий баар.

Ыалдьыттарга анаан арыандаҕа алта сафари-тиэнтэ, үс А-фрейм дьиэ, икки барн истииллээх дьиэ бааллар.

Хас биирдии дьиэҕэ уот, миэбэл, суорҕаннар, сыттыктар, утуйар таҥастар, иһит-хомуос, астанар тиэхиньикэ, суунар уу, мангал, оттор мас баар. Сафари-тиэнтэлэргэ миэбэл, суорҕан, сыттык, утуйар таҥас уонна уот баар. Бааза территориятыгар уопсай душ уонна туалет, иһиттээх куукуна, холодильник, уот, итиэннэ бөртөлүөт түһэр былаһаакката баар. Баҕалаах дьону өрүскэ күүлэйдэтэллэр, арыыга балыктаталлар, Буотамаҕа илдьэллэр, Тукулааҥҥа фотосессия оҥороллор, Еланка сөтүөлүүр сиригэр илдьэллэр.

Дьиэ арыандатын сыаната: сууккаҕа 4000-8000 солкуобай.

Аадырыһа: Покровскай тракт, 106 км.

Төлөпүөн: +7 (924) 569-00-00 (бронь — WhatsApp).


Forest House дьиэ

Дьокуускай куораттан 20 мүнүүтэ айаннаах Forest House дьиэ ыалдьыттарын сибиэһэй салгыҥҥа, кэрэ айылҕаҕа ыҥырар. Дьиэҕэ 8-10 киһи сынньаныан сөп. Манна холодильник, куукуна тиэхиньикэтэ, тэлэбиисэр, иһит-хомуос, орон, суунар мал барыта баар. Дьиэлэргэ кондиционердаах.

Дьиэ территорията сабыылаах. Мангал, казан баар. Таһырдьа остуоллаах ыскамыайкаҕа сынньаныахха сөп. Оҕолорго анаан — батут, хачыал, гамак.

Дьиэттэн биэс мүнүүтэ хаамтахха Sugun16 диэн саҥа пляж аһыллан үлэлээн эрэр, манна астына-дуоһуйа сөтүөлүөххүтүн сөп.

Аадырыһа: Дьокуускай, Бүлүүлүүр тракт, 16 км, 20/2.

Төлөпүөн: +7 (924) 565-06-00.

Арыанда сыаната: сууккаҕа 8000-10000 солкуобай.

Информационной продукция категоряита 12+

*грейхаус, афрейм, норвей парк, ватсап, форест хаус, сугун

Реклама.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0