Саха сиригэр Хабаровскай баһаарын буруота ардах түһүөр диэри туруоҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр буруо хантан кэлбитий? Онно туох сабыдыаллыырый? 

Саха сирин үрдүнэн куйаас, сөҥүүтэ суох күнтэн-дьылтан сылтаан тропосфернай антициклон баар. Онон Хабаровскай кыраай хоту өттүгэр ыраах буола турар баһаардартан буруо кэлиитигэр төһүү буолла.

Бэҕэһээ киэһэ, от ыйын 18 күнүгэр, Саха сирин Киин өттүгэр, Дьокуускай куораты киллэрэн туран, олоччу тыала суох этэ. Тыал хайысхата – соҕуруулуу-илиҥҥи.

Гидрометсулууспаҕа этэллэринэн,  антициклон улахан үрдэллэргэ үөскүүр уонна тыал хайысхата уонна түргэнин уларыйыыта балаһыанньаҕа биллэрдик сабыдыаллыыр кыаҕа суох.

Сабаҕалааһын быһыытынан антициклон эрэгийиэн үрдүнэн бу нэдиэлэ устата бүрүүкүөҕэ. Бу нэдиэлэ чэппиэригэр Саха сирин киин оройуоннарыгар түһэрэ күүтүллэр ардах эрэ балаһыанньа уларыйыытыгар сабыдыаллыыр кыахтаах.

Саха сиринээҕи Гидрометеорологияҕа уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ управление начаалынньыгын солбуйааччы Татьяна Маршалик бэлиэтииринэн, билиҥҥи балаһыанньа былырыыҥҥыттан уратытынан, быйыл буруо Хабаровскай кыраайтан кэллэ. Былырыын – арҕааҥҥы тыалтан Нам уонна Горнай оройуоннарыгар буолбут баһаардартан.

Бүтэһик чахчынан, от ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр 53 ойуур баһаара (былырыын бу кэмҥэ 223 этэ)  40 тыһ. гектарга тайыыр (былырыын 1,4 мөл гектар).

Сахагов саайтан

Хаартыска: тустаах саайтан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0