Хоту таһаҕаһы таһыы федеральнай сокуонун барылыгар этиилэрбит учуоттаммыттар
Бүгүн Саха сиригэр Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, эрэгийиэннэр бэлиитикэлэригэр, олохтоох салайыныыга уонна хоту дойду дьыалаларыгар кэмитиэт көһө сылдьар мунньаҕа буолан ааста. Мунньахха кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Шевченко Саха сирэ киллэрбит этиилэрин Федерация Сэбиэтэ өйүүрүн бэлиэтээн эттэ.
Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Шевченко мунньахха Саха сирэ Уһук Илин федеральнай уокурук, Арассыыйа биир бастыҥ эрэгийиэнэ буоларын бэлиэтээтэ.
– Саха сирэ тыйыс айылҕалааҕынан, сиртэн хостонор баайынан эрэ биллэр буолбатах, эрэгийиэн тыйыс, тымныы усулуобуйаҕа сайдыыны ыытыы холобурунан буолар. Кэлиҥҥи алта сылга Саха сирин сайдыытын көрдөрүүтэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһарда. Ону таһынан эрэгийиэҥҥэ айти-технология, киинэ күүскэ сайынна. Уһук Илин эрэгийиэннэргэ Саха сирэ айти-технологиянан тас дойдуга тахсыыга бастакы миэстэҕэ сылдьар, – диэн иһитиннэрэр кини.
Андрей Шевченко иһитиннэрбитинэн, Федерация Сэбиэтэ Саха сирин салалтата киллэрбит үгүс этиилэрин өйүү олорор.
– Билигин дойду үрдүнэн эрэгийиэннэр экэниэмикэлэрэ чөл туруктаах буолууларыгар үлэ-хамнас бара турар. Ол иһин эрэгийиэннэр инвестицияны киллэриигэ үлэни ыыталлара хаһааҥҥытааҕар да болҕомто киинигэр сылдьар. Федерация Сэбиэтэ эрэгийиэннэр бырамыысыланнаска киллэрбит этиилэрин, чуолаан хорҕолдьуну хостуур хампаанньаларга нолуогу суох оҥорор туһунан этиилэрин, өйөөн олорор. Ону сэргэ 2030 сылга диэри сэдэх металлары хостооһуҥҥа үлэлэһэр тэрилтэлэргэ нолуогу кыччатыыга үлэлэһэбит, – диэн этэр кини.
Мунньахха биир пуунунан суол-иис, тырааныспар боппуруостара көрүлүннүлэр. Хоту таһаҕаһы таһыы федеральнай сокуонун барылын туһунан этэригэр Андрей Шевченко: “Саха сирин үгүс нэһилиэнньэлээх пууна суола-ииһэ суох олорор. Ол иһин эрэгийиэҥҥэ хотугу таһаҕаһы таһыы суолтата улахан. Бүгүн биһиги мунньахпытын сэргэ хоту таһаҕаһы таһыы федеральнай сокуонун бырайыагын ырытыыһы буолла, Илиҥҥи экономическэй форумҥа бу туһунан сиһилии ырытан турабыт. Саха сирэ манна улахан уопуттаах, ол иһин бу сайын оробуочай бөлөх кэлэн федеральнай сокуон барылын ырытыһыыны ыытан турар, Саха сирин этиилэрэ сокуон барылыгар учуоттаммыттар. Бу сокуон бырайыагын оҥорууга Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтэ РФ парламенын кытары күүскэ үлэлиир”, – диэн иһитиннэрдэ. Маны таһынан кини Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста, Жатайдааҕы суудунаны оҥорор собуот, аэропортары саҥардыы бырайыактара өрөспүүбүлүкэҕэ тыын суолталаахтарын эттэ.
Ил Дархан Айсен Николаев мунньахха суол-иис, тырааныспар боппуруостарыгар ордук болҕомтотун хатаата. Суоллары тутууга сыһыаран Аллараа Бэстээхтэн Магадааҥҥа диэри тимир суол тутуллуоҕун, Амма суола Аяҥҥа тахсар биир ыллык буоларын бэлиэтээтэ. Эрэгийиэн саамай улахан бырайыагынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста буоларын өссө төгүл санатта. Ону таһынан аэропортары саҥардыы үлэтэ салгыы да бара туруоҕун иһитиннэрдэ.
– Суол-иис, тырааныспар боппуруостара биһиги эрэгийиэммитигэр олус сытыытык тураллар. Хас биирдии эрэгийиэн социальнай-экономическай сайдыыта да барыта бу эйгэлэртэн тутулуктаах. Мунньахха суол-иис, өрүс суолунан сырыыны таһынан салгын тырааныспарын туһунан кэпсэттибит. Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир кэлим федеральнай былаанынан 16 аэропортарбыт саҥардылла сылдьаллар. Манна өссө эбии 11 аэропорду киллэрэн биэрэргэ үлэлэһэ сылдьабыт. Федерация Сэбиэтиттэн бу боппуруостары быһаарыы эмиэ тутулуктаах. Бүгүн кэлэн биһиэхэ маныку улахан мунньаҕы ыытара суолтата улахан. Биһиги эрэгийиэммитигэр бу улахан көмө уонна тирэх буолар, – диэн этэр кини.
Айсен Николаев мунньах кэмигэр аҕыс ый түмүгүнэн Саха сирин бырамыысыланнай оҥорон таһаарыытын көрдөрүүтэ, былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, 113,2 бырыһыан буолбутун, ити көрдөрүүтүнэн дойду үрдүнэн бэһис миэстэҕэ тахсыбытын бэлиэтээн туран, өрөспүүбүлүкэҕэ геологическэй чинчийии үлэтин ыытыы улахан суолталааҕын иһитиннэрдэ.
– Геологическэй чинчийиини өссө хаҥатан, бүддьүөттэн үбүлээһинин элбэтэн биэриэххэ наада. Саха сиригэр ахсынньыга геологическэй чинчийиигэ улахан конференция ыытыллаары турар. Бу эйгэҕэ тирээн турар боппуруостар конференция кэмигэр сиһилии ырытыллыахтара диэн эрэнэбин, – диэн этэр Айсен Сергеевич.
Ахсынньыга Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрэ ыытыллыахтара. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бэлиэтииринэн, манна Саха сирин туһааннаах боппуруостара ырытыыга туруохтара.
– Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит улахан эбийиэктэригэр сырыттыбыт. Ону таһынан Саха сирин кэнэҕиһин олоххо киллэриэхтээх бырайыактарын билиһиннэрдибит. Бу мунньахха Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ эрэ буолбакка, федеральнай министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр эмиэ кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх. Ахсынньыга Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрэ ыытыллыахтара. Бу эрэгийиэн тирээн турар кыһалҕатын федерация таһымыгар таһаарарыгар табыгастаах уонна көдьүүстээх былаһаакка дии саныыбын. Онон бүгүҥҥү көрсүһүү былааны торумнааһын быһыытынан буолла, – диэн бэлиэтиир кини.
Аграфена КУЗЬМИНА