Саха сиригэр этиҥнээх ардах түһэрин билгэлииллэр
Чугаһынан кэмҥэ, от ыйын 21 күнүгэр, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри, Бүлүү бөлөх, Кэбээйи улуустарыгар этиҥнээх дохсун ардах түһэрэ күүтүллэр. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ тыал сөкүүндэҕэ 15-18 м. түргэн буолуо диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр.
Чэппиэргэ киин оройуоннарга күнүс +24, +29°, ардах түстэҕинэ +18, +23° буолуоҕа. Соҕуруу, соҕуруулуу-илин улуустарга +32° тиийэ сылыйыаҕа. Оттон хоту улуустарга сөрүүн — +12, +17°.
Дьокуускайга быстах ардаҕы билгэлииллэр, күнүс +26, +28° буолуоҕа.
СИА хаартыската.
0
0