Саха сиригэр этиҥнээх ардах түһэрин билгэлииллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Чугаһынан кэмҥэ, от ыйын 21 күнүгэр, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри, Бүлүү бөлөх, Кэбээйи улуустарыгар этиҥнээх дохсун ардах түһэрэ күүтүллэр. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ тыал сөкүүндэҕэ 15-18 м. түргэн буолуо диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр.

Чэппиэргэ киин оройуоннарга күнүс  +24, +29°, ардах түстэҕинэ +18, +23° буолуоҕа. Соҕуруу, соҕуруулуу-илин улуустарга  +32° тиийэ сылыйыаҕа. Оттон хоту улуустарга сөрүүн — +12, +17°.

Дьокуускайга быстах ардаҕы билгэлииллэр, күнүс +26, +28° буолуоҕа.

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0