Саха сиригэр эбисийээнэ уоспата баарын туһунан сурах оруна суох

Бөлөххө киир:

Саха сирин Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 4 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр эбисийээнэ уоспатынан ыалдьыы бэлиэтэммэт.

edersaas.ru

Ол да буоллар, доруобуйа  харыстабылын  тэрилтэлэрэ  эбисийээнэ уоспата сибикилээх ыарыһахтары эрдэ быһаарарга уонна эмтииргэ бэлэмнэр. Ыарыы көрдүгэнэ баар сиригэр ыарыыны утары охсуһар дьаһаллары ыытарга уонна лабораторияҕа диагностиканы оҥорорго методическай сүбэлэри бэлэмнээтилэр.

ЫСПЫРААПКА:

Европаҕа вирус тарҕанар куттала “үрдүгүнэн”, онтон атын эрэгийиэннэргэ “сымнаһыарынан” ааҕыллар. Билигин учуонайдар эбисийээнэ уоспатын туһунан барытын сиһилии билбэттэр, ол гынан баран, Доруобуйа харыстабылын  аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) балаһыанньа хонтуруолтан тахсарын кэтэһэн олорбокко, тустаах дьаһаллары ыла охсорго этэр. Онуоха, бастатан туран, нэһилиэнньэҕэ сөптөөх иһитиннэрии тириэрдиллиэхтээх. Эбисийээнэ уоспата ыалдьыбыт киһини кытары хантаактаһыыттан сыстар. Инфекция тас таҥас, утуйар таҥас, соттор уонна иһит-хомуос нөҥүө бэриллиэн эмиэ сөп. Сорох дьон инфекцияны халымардык аһарыан сөп эрээри, кинилэр 2-4 нэдиэлэ устатыгар сыстыганнаах ыарыһах араҥатыгар киирэллэр. Онон, туох да сибикитэ суох ыалдьар дьон тулалыыр  дьоҥҥо төһө кутталлаахтарын, куттала суохтарын учуонайдар быһаара иликтэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0