Саха сиригэр – Доруобуйа, Арассыыйаҕа – Билим уонна технология сыла
26.12.2020
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2021 сыл Арассыыйаҕа Билим уонна технология сыла буоларын туһунан ыйаахха илии баттаата.
Маныаха дойдуга Билим уонна технология сылын ыытар тэрийэр кэмитиэт хос бэрэссэдээтэлинэн РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Д.Н.Чернышенконы уонна РФ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ А.А.Фурсенконы анаата. Итиэннэ чугастааҕы кэмҥэ сүрүн тэрээһиннэр былааннарын оҥорон бэлэмнииргэ бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата.
Аҕыйах хонуктааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2021 сылы Доруобуйа сылынан биллэрбитэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: www.mk-pskov.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1