Саха сиригэр быстах байыаннай хомуурга хабыллыа суохтаах дьону төнүннэриигэ ыстаап тэрилиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн дьокутааттара уонна Саха сиринээҕи Ийэлэр кэмитиэттэрэ военкоматтарга сыыһа тахсан, быстах байыаннай хомуурга хабыллыа суохтаах дьону төнүннэриигэ туһуламмыт биир кэлим ыстаап тэрийдилэр. 

Ыстаап сүрүн соруга — нэһилиэнньэттэн киирбит чахчыларга олоҕуран, быстах кэмҥэ мобилизация кэмигэр сыыһа тахсарын туоратыы.

Биһиги Украинаҕа ыытыллар анал байыаннай эпэрээссийэ түмүктэниэр диэри үлэлиэхпит. Нэһилиэнньэттэн киирбит бары боппуруостарга үлэлэһиэхпит, байыаннай чаастарга сылдьыахпыт, — диэн бэлиэтээтэ Ил Түмэн дьокутаата, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев эригийиэннээҕи Уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта Елена Голомарева.

Ыстаап үлэтин балаҕан ыйын 25 күнүттэн  саҕалаата. Бастакы боппуруостар хайы-сах киирдилэр, онон тустаахтарга болҕомто ууруллуоҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. 

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0