Саха сиригэр быстах байыаннай хомуурга хабыллыа суохтаах дьону төнүннэриигэ ыстаап тэрилиннэ
Ил Түмэн дьокутааттара уонна Саха сиринээҕи Ийэлэр кэмитиэттэрэ военкоматтарга сыыһа тахсан, быстах байыаннай хомуурга хабыллыа суохтаах дьону төнүннэриигэ туһуламмыт биир кэлим ыстаап тэрийдилэр.
Ыстаап сүрүн соруга — нэһилиэнньэттэн киирбит чахчыларга олоҕуран, быстах кэмҥэ мобилизация кэмигэр сыыһа тахсарын туоратыы.
— Биһиги Украинаҕа ыытыллар анал байыаннай эпэрээссийэ түмүктэниэр диэри үлэлиэхпит. Нэһилиэнньэттэн киирбит бары боппуруостарга үлэлэһиэхпит, байыаннай чаастарга сылдьыахпыт, — диэн бэлиэтээтэ Ил Түмэн дьокутаата, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев эригийиэннээҕи Уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта Елена Голомарева.
Ыстаап үлэтин балаҕан ыйын 25 күнүттэн саҕалаата. Бастакы боппуруостар хайы-сах киирдилэр, онон тустаахтарга болҕомто ууруллуоҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска: СИА.