Саха сиригэр быйыл 500 км итэҕэһэ суох айан суола оҥоһуллуо

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр быйыл 500 км итэҕэһэ суох айан суола оҥоһуллуо.

Быйыл САССР 100 сылыгар 500 км итэҕэһэ суох суол өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллуо. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников бэлиэтээн эппитэ.
Биллэн турар, суолу тутуу, өрөмүөннээһин үлэтэ биир сүрүн сыалынан-соругунан буолар. Бу сылга биһиги 500 км итэҕэһэ суох айан суолун оҥорон киллэрэр былааннаахпыт, — диэн Дмитрий Садовников быйылгы үлэ былаанын сырдатарыгар этэр. Түгэнинэн туһанан, кини ааспыт сылга суолу оҥорууга үлэлээбит дьоҥҥо махтанар.
—Кинилэр сайын ойуур баһаардарын, пандемияны да аахсыбакка туран, улахан үлэни оҥордулар. 501 км уһуннаах айан суола оҥоһулунна уонна биэс оройуоҥҥа 11 муоста тутуллан үлэҕэ киирдэ, — диэн бэлиэтиир кини.
«Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн  Саха сиригэр 2021 сылга 501 км. уһуннаах айан суола оҥоһуллубута. Ол иһигэр  232 км эрэгийиэннээҕи, 183 км — федеральнай, 38 км олохтоох суолталаах уонна 48 км уһуннаах Дьокуускай куорат иһинээҕи суоллар. Манна сыһыаран кини муосталар тутуллубуттара эмиэ улахан ситиһии буоларын ыйар. Ол курдук Амма, Горнай, Кэбээйи, Чурапчы, Усуйаана улуустарыгар муосталар тутуллубуттара.
Онтон быйылгы сылга туох күүтэрий? 2022 сылга Аллараа Бэстээхтэн Чурапчы сэлиэнньэтигэр диэри «Халыма» айан суола аспаалланыахтаах, «Амма» эрэгийиэн таһымнаах суолга Ааллаах Үүнү туоруурга муоста тутуллуохтаах. Маны таһынан Үөһээ Бүлүүгэ Бүлүүнү туоруур муостаны тутуу саҕаланыахтаах.
Хаарбах туруктаах муосталар оннуларыгар саҥалары тутуу үлэтэ салҕанар. Томпо улууһугар «Дьааҥы» айан суолугар Мөҥкүлэни, Ленскэй оройуонугар «Бүлүү» — «Ленскэй» айан суолугар Ньүүйэни туоруур муосталары тутуохтара.
Хаартыска СИА
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0