Саха сиригэр буруо хаһан сүтүөҕэй?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр кэлбит буруо хаһан сүтүөн сөбүн туһунан кэпсээтилэр. Ону билсиҥ.

Саха сирин киин өттүн Хабаровскайтан кэлбит буруо бүрүйдэ. Хабаровскай кыраайтан Саха сирин киин өттүгэр сатыылаабыт буруо чугастааҕы күннэргэ тыал хайысхата уларыйдаҕына, сүтүөҕэ. Бу туһунан СИА-ҕа “Авиалесоохрана” тэрилтэ салайааччыта Владимир Леонов кэпсээтэ.

“Өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыт буруо Хабаровскай кыраай сиригэр-уотугар баар кыраныысса чугаһынааҕы баһаардары кытта ситимнээх. Тыалтан сылтаан буруо Саха сирин киин оройуоннарыгар тарҕанна. Бүгүн Уус Маайа, Амма оройуоннарыгар уонна Дьокуускайга буруо хойунна. Быһа холуйан, чэппиэргэ, от ыйын 21 күнүгэр, тыал хайысхата  уларыйыаҕа уонна үчүгэйдик көстөр буолуоҕа”, — диэтэ Владимир Леонов. Леонов этэринэн, Саха сирин киин өттүгэр чугастааҕы күннэргэ этиҥ этиэҕэ уонна Бүлүү өрүс сүнньүн диэки барыаҕа. Ойуур баһаардара элбииллэрэ сабаҕаланар.

Дьулустан Сергеев, СИА

Хаартыска: тустаах саайтан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0