- 1951 сыл. Дьокуускай. Бастакы улахан саахал. Саха сиригэр көтөр аал бастакы саахала 1951 сыллаахха бэлиэтэммитэ. Дьокуускайтан 90 килэмиэтирдээх сиргэ Ли-2 сөмөлүөт сууллан, 20 киһи өлбүтэ.
- 1968 сыл. Өлүөхүмэ. Ан-24. Тохсунньу 6 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонугар Ан-24 сөмөлүөт сууллан, 45 киһи олоҕо быстыбыта. Салгын суудуната Дьокуускай – Өлүөхүмэ – Ленскэй – Уус Кут – Красноярскай – Новосибирскай хайысхатынан көтөн испитэ. Саахал тахсыбыт сүрүн биричиинэтэ күн бүгүнүгэр диэри быһаарылла илик.
- 1969 сыл. Ми-2. Ыам ыйын 29 күнүгэр Өлүөхүмэттэн 40 килэмиэтирдээх сиргэ Кыыллаах арыы оройуонугар Маҕаннааҕы авиационнай этэрээт Ми-2 бөртөлүөтэ тахсан иһэн тута сууллан, 25 киһи өлбүтэ. Мантан 19-һа оҕолор этэ. Пилот уонна биир дьахтар эрэ быыһаммыттара.
- 1970 сыл. Баатаҕай. Ан-24. Тохсунньу 28 күнүгэр Баатаҕайга Ан-24 суудуна сууллан, 28 пассажир уонна экипаж 6 чилиэнэ суорума суолламмыттара. Сөмөлүөт Черскэй – Чокурдаах – Баатаҕай – Дьокуускай хайысхатынан айаннаан испитэ.
- 1986 сыл. Уус Маайа. Л-410 муус анныгар барбыта. Алтынньы 14 күнүгэр Л-410 Уус Маайаттан чугас Алдан өрүскэ түһэн, муус анныгар баран, пассажирдар уонна экипаж чилиэннэрэ муус билиэнигэр ылларбыттара.
- 1993 сыл. Л-410 иккиһин сууллуута. Алдан аэропордугар Л-410 сөмөлүөт көтөр-түһэр былаһааккаҕа түһэн иһэн, соһуччу саахалланан, 22 пассажир уонна экипаж икки чилиэнэ сонно тута өлбүттэрэ.
- 2009 сыл. Мииринэй. Ил-76. Сэтинньи 1 күнүгэр Мииринэй пордуттан көтөн испит Ил-76 сөмөлүөт сууллан, экипаж 11 чилиэнэ өлбүттэрэ. Бу күн суудуна Иркутскайга көтүөхтээх этэ…
- 2013 сыл. Усуйаана. 24 киһи олоҕун илдьэ барбыт Ми-8. 2013 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр 11 ч. 20 мүнүүтэҕэ “Полярные авиалинии” АХ Ми-8 бөртөлүөтэ “Депутатскай – Хаһааччыйа” маршрутунан көтөн иһэн сибээскэ тахсыбатаҕын туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Депутатскайтан олохтоох бириэмэнэн 10 чаас 51мүнүүтэҕэ көппүттэр. 15 мүнүүтэ көтөн баран бөртөлүөт күүстээх салгын сүүрээнигэр оҕустаран, аллара түспүт уонна кутуругунан хайа эниэтин таарыйбыт. Быһылаан Депутатскайтан 60 км сиргэ буолбута. Бөртөлүөккэ көтөн испит 28 киһиттэн экипаж чилиэннэрэ уонна 17 саастаах пассажир Эрэл Горохов тыыннаах хаалбыттара. Хомойуох иһин, 24 киһи, ол иһигэр үс саҥа төрөөбүт оҕо суорума суолламмыттара.
Бу улахан биллэр саахаллары суруйдубут.
Бэлэмнээтэ Анивера АКИМОВА, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1