
Хаартыска: PxHere
Саха сиригэр 2025 сыл аҕыс ыйын устата 6931 оҕо күн сирин көрбүт — 3583 уол уонна 3348 кыыс. Бу туһунан ЯРМИАЦ иһитиннэрэр.
«2025 сыл атырдьах ыйыгар 886 оҕо күн сирин көрбүт — 448 уол уонна 438 кыыс. Бу дааннайдар бигэ туруктаах демографияны уонна эрэгийиэн мэдиссиинискэй тэрилтэлэрин үлэлэрэ оҕо уонна ийэ доруобуйаларыгар суолталааҕын көрдөрөллөр», — диэн Саха сиринээҕи мэдиссиинискэй информационнай-аналитическай киин иһитиннэрэр.
Эрдэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сирин нэһилиэнньэтэ элбээбитин бэлиээбитэ. 2020 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыал ахсаана 10 % элбээбит — 34,6 тыһ. тахса.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1