Саха сиригэр » ньыгыллар» бырайыак салайааччыларын таллылар

Ааптар: 
14.03.2017
Бөлөххө киир:

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи полит-сэбиэтэ 22 федеральнай уонна биир регионнааҕы бырайыактары сүрүннээччилэр испииһэктэрин бигэргэттэ. 

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Биллэрин курдук, быйыл баартыйа эбии алта саҥа бырайыагы — «Городская среда», «Здоровье – детям», «Местный дом культуры», «Школа грамотного потребителя», «Театры малых городов» итиэннэ «Парки малых городов» — киллэрдэ.

Дьүүллэһии кэмигэр сорох бырайыактары тохтоторго, сорохторун холбуурга, хаалбыттары өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киллэрэргэ этилиннэ.

Мунньахха быһаарыллыбытынан, Саха сиригэр баартыйа бырайыактарын сүрүннээччилэринэн буоллулар:

  1. «Куттала суох айан суоллара» — СӨ Эргиэн-бырамыысыланнас палаататын бэрэсидьиэнэ Владимир ЧЛЕНОВ
  2. «Куорат эйгэтэ» — Ил Түмэн тутууга, олорор дьиэҕэ-уокка, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр РОМАНОВ
  3. «Гражданскай университет» — “Билии” уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Петр НИКОЛАЕВ
  4. «Оҕо уһуйааннарын — оҕолорго» — СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Екатерина КОРМИЛИЦЫНА
  5. «Оҕо спорда» — Ил Түмэн дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо сааска, ыччакка, физическэй култуураҕа, спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий БАИШЕВ
  6. «Оҕуруотчут дьиэтэ – дьиэ кэргэн тирэҕэ» — “Гагаринскайдааҕы уокурук управата” МКУ салайааччыта Руслан ПЛАТОНОВ
  7. «Дьоһун төлөбүрдээх үлэ» — СӨ идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай ДЕГТЯРЕВ
  8. «Биир ньыгыл дойду – тоҕоостоох эйгэ» — «Движение без барьеров» уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Афанасий ЛАПТЕВ
  9. «Чэгиэн-чэбдик кэскилбит» — “3 №-дээх Дьокуускай куораттааҕы балыыһа” ГБУ кылаабынай бырааһа Светлана ДАВЫДОВА
  10. «Доруобуйаны — оҕоҕо» — педиатр-быраас, “Дьокуускай куорат доруобуйа харыстабылыгар управлениета” ГКУ оҕоҕо кылаабынай исписэлииһэ Александра УАРОВА
  11. «История кэриэһэ» — салалта дьиэлэрин эксплуатациялааһыҥҥа ГБУ дириэктэрэ Дмитрий СЕМЕНОВ
  12. «Бөҕө туруктаах дьиэ кэргэн» — “Саха Өрөспүүбүлүкэтин аҕаларын лигата” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Айхал ГАБЫШЕВ
  13. «Үөрэҕириини саҥатытыы» — Ил Түмэн наукаҕа, үөрэҕириигэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина ГРИГОРЬЕВА
  14. «Олохтоох Култуура дьиэтэ» — Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга БАЛАБКИНА
  15. «Дьоҕус куораттар пааркалара» — Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар, экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир ПРОКОПЬЕВ
  16. «Арассыыйаҕа хас биирдии оҕо күндү» — Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо кыһатын генеральнай дириэктэрэ Анжелика АНДРЕЕВА
  17. «Арассыыйа тыатын сирэ» — Ил Түмэн тыа сиригэр, аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий САВВИН
  18. «Аҕа көлүөнэ» — “Дьокуускайдааҕы медколледж” ГБОУ дириэктэрэ Дмитрий АЛЕКСЕЕВ
  19. «Дьоҕус куораттар тыйаатырдара» — “П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра” ГБУ дириэктэрэ Анатолий НИКОЛАЕВ
  20. «Управдом» — “СӨ ОДьКХ” ГУП генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий САДОВНИКОВ
  21. «Арассыыйа экологията» — СӨ айылҕа харыстабылыгар миниистирэ Сахамин АФАНАСЬЕВ.

Федеральнай бырайыактары сэргэ Саха сиригэр “Малая авиация” бырайыак олоххо киллэриллиэҕэ. Манна үлэни Ил Түмэн экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа, бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр, урбааҥҥа, туризмҥа, инфраструктураны сайыннарыыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор ФЕДОРОВ сүрүннүөҕэ.

Бу күннэргэ баартыйа бырайыактарын уопсастыбаннай сэбиэттэрин састаабын сүүмэрдээһин барар.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0