Саха сиригэр биэс ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 5 күнүн сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, Саха сиригэр биэс ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ: Өлүөхүмэҕэ — биир, Сунтаарга — биир, Ленскэйгэ — биир, Өймөкөөҥҥө — икки. Бу чааска Өймөкөөҥҥө күөдьүйбүт биир ойуур баһаарын умуруордулар.

Өлүөхүмэҕэ Чапаево сэлиэнньэттэн 8,3 км тэйиччи сиргэ баһаар баара бэлиэтэммит. Уот ылбыт сирин иэнэ — 110 га. Манна 26 десантник-парашютист, 12 ойуур харыстабылын, биир ЫБММ үлэһитэ, биэс олохтоох киһи, итиэннэ икки тиэхиньикэ үлэлиир.

Сунтаарга Кириэстээхтэн 26,9 км тэйиччи сиргэ уот күөдьүйбүт. Уот 12 га иэннээх сири ылла. Манна 44 парашютист, үс олохтоох киһи үлэлиир.

Ленскэйгэ 33 га иэннээх ойуур баһаара күөдьүйбүтэ хас даҕаны хонно.

Өймөкөөҥҥө хонтуруолланар зуонаҕа 34 га иэннээх сир уокка былдьанна. Манна Авиалесоохрана парашютистара үэлииллэр.

Санатан суруйдахха, Өймөкөөҥҥө Авиалесоохрана Саха сиринээҕи салаата бааза тэриммитэ. Онон бу эҥээр уот күөдьүйдэҕинэ суһаллык үлэлиэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0